Перевод с якутского
ыам
аат тыл
Нууччалыы время доения коров. [Хобороос:] Ынахпыт ыама хойутаата, оҕолоор
English milking time
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Ынаҕы ыыр кэм
Нууччалыы Время доения коров. [Хобороос:] Ынахпыт ыама хойутаата, оҕолоор
"Сарсыарда ынах ыамыгар кэлбэккэ быһа хотойо сылдьаар", – диэтэ хотуна.
КүндэКүннэтэ аайы биирдии ынаҕым ыам аайы биэрбит үүттэрин суруйааччыбын. Биэс т
2 аат тыл #
Биир ыаһыҥҥа эбэтэр төһө эрэ кэм устата ыаныллар үүт
Нууччалыы Количество молока, выдаиваемого за один раз или за известный срок
Сүөһүлэрэ арыый сыһыйдылар. Илиитэ да үөрэнэн барда. Ол да буоллар, үүтүн ыама букатын кыра. А. Фёдоров Сыллааҕы ыамы биир сиргэ мунньар буоллар, остуоруйаҕа этиллэр уйгу-быйаҥ ойбонуттан итиэ суох этэ. И. Данилов Сотору үүт ыама үксээн барбыта И. Данилов
3 аат тыл #
Күөл балыга искэҕин ыыр кэмэ
Нууччалыы Время икрометания озёрных рыб, нерест
Саас балык ыамын саҕана, собото күөл кытыытыгар тахсан, иэнинэн лаһыйар буолара. Н. Якутскай [Ньукуус:] Ээ, оттон билигин бу ыам саҕана муҥхалыахха саамай сөп.
КүндэХатыҥчаана эбэҕэ балык ыамын кэмигэр хомуһун быыһа балыгынан быллыгырыыр М. Попов
4 этии #
Нууччалыы Рой, несметное число, мириады комаров, гнусы
Этиилэр
Ыам балыгын курдук көр балык
Киһи аймах ыам балыгын курдук барҕарар, күөс курдук өрө оргуйар кэмигэр-кэрдиитигэр төрөөн-үөскээн, социализм дьоллоох, көҥүл саарыстыбатыгар биирдэ чүөмчүлээн түспүппүт.
Суорун Омоллоон
Ыам бырдаҕын (кумаарын) курдук
олус элбэх, ахсаана суох элбэх Ыам бырдаҕын курдук кэмэ суох кымырдаҕастар кыймаҥнаһа түспүттэрэ.
Хоохунча кинээс табата ыам бырдаҕын курдук. А. Сыромятникова Ыам кумаарын курдук үгүс дьон кэлэн-баран, үлэлээн-хамсаан ирбэнньиктэһэ сылдьаллар. А. Фёдоров
5 этии #
Нууччалыы Утренняя дойка
Этиилэр
Киэһээҥҥи (киэһээ) ыам (ынах) көр киэһээҥҥи
Күнүскү ыам (ынах) көр күнүскү
Ала бургунас бүгүн күнүскү ыамыгар кэлбэтэ. Н. Заболоцкай [Сибиэтэ:] Сарсын күнүскү ыам кэнниттэн мин Бөрүөхэ өтөҕөр баар буолуом, онно эн кэлээр. С. Ефремов
Сарсыардааҥҥы ыам
ынаҕы сарсыарда бастаан ыыр кэм Сарсыардааҥҥы ыамҥа хойутаары гынным.
Түөртүүр ыам көр түөртүүр
Күн, түөртүүр ыам ааһан, арҕаа диэки санньыйан барда.
Суорун Омоллоон
Ыам балыга көр балык
Иһийбит уулуссалар уһугуннулар, үлэ дьоно, устудьуоннар, оскуола оҕолоро ыам балыгыныы тоҕо ыстылар. ХС Күөх оттоох кытыыга Күөнэх ыам балыктар Күөл уутун аймыыллар. И. Чаҕылҕан
Ыам бырдаҕа көр бырдах
Бу түбэлтэ сайын, биһиги хоту дойдубутугар ыам бырдаҕа түһэн турдаҕына, буолбута. Н. Якутскай Түптэ унаар буруота Түүҥҥү сииккэ сүктэрэр, Ыам бырдаҕын саҥата Симэлийэр, улам сүтэр. "Чолбон".
Ыам кумаара көр кумаар
Ол чуумпутуттан мин кулгааҕым сүүһүнэн ыам кумаара дыыгыныырын курдук чуҥкунаабыта. Н. Якутскай Ыам кумаара тулабар көймөстөр, Ооҕуй оҕус дьэрэкээн илимин турдар. Л. Попов
Ыам хомурдуоһа
хоҥор өҥнөөх, ойоҕосторунан үрүҥ үс муннук ойуулаах балайда бөдөҥ бөкүнүк хомурдуос.
Майский жук.
Ыам хомурдуоһа бары атын үөннэр-көйүүрдэр курдук үс чаастаах: төбөлөөх, түөстээх уонна истээх. ББЕ З. Ханна эрэ түннүк таһыгар ыам хомурдуоһа биир мээр дыыгыныыр. Э. Войнич
Ыам ыйа көр ый II
Ыам ыйын маҥнайгы аҥаарынааҕы ыраас, ылаа күннэр үүннүлэр. М. Доҕордуурап Ыам ыйа. Балык ыыр, ынах мэччирэҥҥэ тахсан, үүт ыама элбиир. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС саҕым, уйг. сеҕим, кирг., монг., алт. саам, бур. һаам ʽудойʼ