ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бырдах

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы комар.

English impure, unclean, sterile, barren

1 аат тыл #

Синньигэс эттээх, атахтаах, тумустаах, хаан утахтаах үөн-көйүүр көтө сылдьар көрүҥэ

Нууччалыы Комар. Бырдах хойунна. Бырдах түспүт. Элийбити элиэ сиир, быралыйбыты бырдах сиир (өс хоһ.). Бырдах уулаах, хойуу оттоох ходуһа сиригэр ордук сытайан үөскүүр. Н. Заболоцкай. Сөрүүн түстэҕин аайы бырдах, оҥоойу хойдон испитэ. Далан. Утуйуох иннинэ боҕуруоскай түптэтинэн дьиэни ыһааран бырдаҕы кыйдыыгын. В. Федоров. Тэҥн. кумаар

2 этии #

Нууччалыы Крупный летний комар желтовато-красного цвета

  • Бэс бырдаҕа (кумаара) - саһархайдыҥы кыһыл өҥнөөх сайыҥҥы кумаар Иҥсэлээх бэс кумаара былыттыы саба түһэриттэн да кыһаллыбат.
    ХС
  • Титириир бырдаҕа - титириири (малярияны) тарҕатар кумаар. Θ Малярийный комар, анофелес. Титириир бырдаҕа көнө ньуурга олороругар илин атахтарынан хатанар, иһэ, кэннэ өрө көтөҕүллэн тахсар. КАМ ТЫаТТБ. Титириир бырдахтары - анофелеһы - кынаттарыгар хара толбонноохторунан атыттартан арааран билиэххэ сөп. КАМ ТЫаТТБ. Тоҥот бырдаҕа (хараам бырдах) - хара дьүһүннээх сайыҥҥы ардах бырдаҕа. Θ Сильно кусающиеся, особенно скучивающиеся в облачные дождливые ночи, летние комары. Бу күһүн хараам бырдаҕын саҕа халыҥ үөрдээх туллугу көрөн турабын.
    В. Федоров
  • Харааннаах бырдах - былыттаах түүннээҕи курдук олус элбэх, хойуу бырдах. Θ Как комары в облачную ночь (о бесчисленным множестве кого-чего-л.). Харааннаах бырдах курдук Халыаннык хаҥаабыт Хара норуот Харса суох абаран Хабараан санааҕа Ханыылаһан эрэр эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (3)
  • Ыам бырдаҕа- сайын саҕаланыытыгар бастакы куйаас күннэргэ түһэр олус хойуу бырдах. Θ Масса комаров, появляющаяся в начале лета (в первые знойные дни). Ыам бырдаҕын курдук Ыһыллыбыт ыраас ыччаттаах, Томороон мас курдук Торолуйбут толуу дьонноох...
    А. Софронов
  • Сотору-сотору ыам бырдаҕын курдук элбэх бараан, сылгы, ынах үөрдэрэ утуу-субуу кэллэр кэлэн иһэллэр.
    И. Федосеев
  • Түптэ буруота дьайҕарыыта, хараан киэһэҕэ, биһиги кэммит кэллэ диэбиттии, ыам бырдаҕа өрө кыынньар. В. Федоров

«Б» буукуба