ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оргут

туохтуур

Нууччалыы кипятить

English (cooking) to boil

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы кипятить

English (cooking) to boil

  • ууну оргут
    вскипятить водуto boil water

2 туохтуур #

Ууну уокка ууран кыынньар

Нууччалыы Доводить до кипения, кипятить

  • Суоҕу-баары бэрийэн Солоҕунан оргутан, Сууйан-тараан, абырахтаан, Суорҕан, тэллэх оҥорбута.
    Күннүк Уурастыырап
  • Туустаах ууну улахан варницаларга оргутан маҥнайгы суортаах элбэх тууһу ылаллар
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Кими эмэ күүскэ өрүкүт, күүрт

Нууччалыы Доводить кого-л. до высокой степени возбуждения, напряжения

  • Бу гынан баран, дьахтарга сымнаҕас, сылаас тылы этэн сүрэҕи өрүкүппэт, хааны оргуппат тоҥ киһи.
    П. Аввакумов
  • Кини арыт түрдэс гынар, Кини арыт тэнис гынар Хааһа, хааммын оргута, Хайаан миигин долгутар?
    Р. Баҕатаайыскай

4 туохтуур #

Буору-сыыһы, быылы өрүкүт, өрө бурҕат

Нууччалыы Поднимать клубами (пыль)

  • Оптуобус сүүрэр. Олус Үчүгэй, дьикти айан! Сүүрэр тимир страус Аас тураҥы оргутан.
    И. Гоголев
  • [Атыыр оҕус] Оттон тоҕу айаатаан Ойуур тыаны доргутар, Модьу муоһун буруустаан Буору өрө оргутар
    Р. Баҕатаайыскай

«О» буукуба