Перевод с якутского
эриэппэ
аат тыл
Нууччалыы репа.
English turnip
1 аат тыл #
Бөдөҥ сэбирдэхтээх, төрдүгэр сырдыктыҥы араҕас өҥнөөх астаах оҕуруот аһа
Нууччалыы Репа. Турунуопуһу, эриэппэни киһи да сиир, ынах да сиир, иккиэн төбөлөрүгэр уһун синньигэс сэбирдэхтээх буолаллар. С. Маисов. Эриэппэ оргуйбут суогун саахары эбэтэр мүөтү кытта иһэҕин. "Кыым". Урут Арассыыйаҕа хортуоска тэнийиэн иннинэ оҕуруот тутаах аһа эриэппэ этэ. ПАЕ МСТ
2 этии #
Нууччалыы Белянка репная, репник (вредитель)
Этиилэр
Эриэппэ луук көр луук
Эриэппэ луугу кытта тэллэй атаҕын кырбаан туспа хобордооххо соркуойдууллар. Г. Угаров Кус миинигэр эриэппэ луугу кыра гына кырбаан кутабыт. БББ. Эриэппэ луугу соломо курдук быһыылаан кырбаан ыһаарыллар. ДьБ.
Эриэппэ үрүмэччитэ
кынатын тэниттэҕинэ 40-50 милимиэтир кэтиттээх үрүҥ үрүмэччи (эриэппэни буортулааччы) Эриэппэ үрүмэччитэ үрүҥ өҥнөөх буолар.
ББЕ З