Перевод с якутского
луук
аат тыл
Нууччалыы лук
English onion
1 аат тыл #
Көҥдөй, көнө эбэтэр сымнаҕас салаалардаах хороҕор умнастаах, луукапкалаах, оҕуруокка эбэтэр сыһыыга, хочоҕо мээнэ үүнэр, аска тума буолар аһыы амтаннаах от үүнээйи
Нууччалыы Лук (растение)
Күөх луук. Эриэппэ луук. Үүйэ, дьиэҕэ киирэн, -- куйаха оргуйан бидилийэ турар чугуунугар туус уонна луук кутта. Л. Попов Ордук үгүс битэмиин күөх луукка баар. КВА Б
2 этии #
Батун луук - элбэх сыллаах, үгүстүк салааланар, көҥдөй сэбирдэхтээх, элбэх битэмииннээх, Саха сиригэр үчүгэйдик үүнэр үүнээйи Батун луук төрөөбүт дойдута Кытай. ЛПМ САЛАК. Хаас лууга - саас эрдэ атар араҕас сибэккилээх хонууга үүнэр луук. Гусиный лук (дикорастущий). Хонуу лууга - сиргэ (сыһыыга, хочоҕо) мээнэ үүнэр луук (хочо лууга уонна чочунаах). Дикорастущий лук и чеснок. Хочо лууга - төрдүттэн тахсар сымнаҕас салаалардаах хороҕор умнастаах сиргэ мээнэ үүнэр луук. Разновидность дикорастущего лука, лук скорода. Эриэппэ луук - киэҥник тарҕаммыт, эриэппэ курдук төгүрүк силис астаах луук. Репчатый лук. Саха сиригэр эриэппэ луук үс суорда оройуоннанан турар. ЛПМ САЛАК
Нууччалыы Лук батун