ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрсэҥнээ

туохтуур

Нууччалыы быть благосклонным к добру; проявлять своё благосклонное чувство

1 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ үтүөнү баҕар, дьолу-үтүөнү баҕараргын биллэр

Нууччалыы Быть благосклонным к добру; проявлять своё благосклонное чувство

  • Иэйэхсит Ийэ хотун эйэҕэс тыына илэ-бодо эрсэҥнээбит итии-сылаас эркиннээх илгэлээх Эркээйи эбэ хотун диэн [толоон айыллыбыт].
    Далан
  • Аар дойду иччитэ Аан Алахчын хотун имэ кэйэн эрсэҥниир -- кэмигэр [Тыгын Дархан улуу тунах ыһыаҕын ыһарга санаммыта]
    Чолбон

2 туохтуур #

миф. Имэҥнээхтик кыдьыгыран, куһаҕаны биттэнэн үөр-көт (сэрии куһаҕан тыыннарын, абааһыларын туһунан)

Нууччалыы Радоваться войне, приветствовать кровопролитие (о кровожадных духах, бесах)

  • Куо Кустуктай обургу Бэркэ-бэркэ эрсэҥнээн кэлэн-баран дьирбиитээн, Сэттэ омук Сэгээк ырыатын ыллаан [эрэр].
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Илбис кыыһа] Хаһан да маннык үлүгэр Иччилээхтик эрсэҥнээбитэ суоҕа.
    И. Гоголев
  • [Кыһалҕа] уҥа тыаҕа оройон үөскээбит обот чупчурҕан уолаттарын, илин тыаҕа эрсэҥнии хаамар дьэс эмэгэт кыргыттарын сураста
    И. Гоголев

«Э» буукуба