ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрэй-кыһалҕа

аат тыл

Нууччалыы страдание, лишения, нужда, нищета

аат тыл

Тиийиммэт-түгэммэт буолуу, улахан кыһалҕаҕа ылларыы

Нууччалыы Страдание, лишения, нужда, нищета

  • Эрэй-кыһалҕа обургу оннооҕор буолуохтары уһуктарын-биилэрин кыларытар баҕайы.
    Н. Лугинов
  • Кини [Абаҕыыныскай] төрөппүттэрэ кыра эрдэҕинэ өлөннөр тулаайах оҕо эрэйин-кыһалҕатын көрөн-билэн улааппыта. Софр. Данилов. Болот кытаанахтарга, эрэйгэ-кыһалҕаҕа бэриммэккэ эбии буһан-хатан, сирэлийэ үүнэн истэ.
    Н. Заболоцкай
  • Сир үрдүн олоҕун эрэйин-кыһалҕатын кытары эмиэ иэмэх талахтыы эрийсибитинэн барыаҥ
    С. Никифоров

«Э» буукуба