Перевод с якутского
эрэмньи
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы твёрдая вера, надежда
1 аат тыл #
Туохха эрэ (үксүгэр үтүөҕэ) эрэнэр буолуу, эрэнэр-итэҕэйэр санаа; инники үтүөҕэ бигэ эрэл
Нууччалыы Твёрдая вера, надежда (обычно на благополучный исход дела)
Кинилэр [доҕотторуҥ] эйигин куруук өйдүөхтэрэ, наадыйдаххына көмөлөһүөхтэрэ диэн санаа эрэмньини үөскэтэр.
Н. ЛугиновКиһилии аатыҥ-суолуҥ алдьанара, кэскилиҥ, эрэмньиҥ букатыннаахтык эстэрэ -- бу баар эбит саамай ынырык, саамай алдьархайдаах. Софр. Данилов. Туох буолуохтаах барыта бэрт сөпкө буолан иһэригэр кини [Кутузов] эрэмньитэ өссө ордук күүһүрэн иһэр. Л. Толстой (тылб.)
2 аат тыл #
Эрэллээх, бигэ, чиҥ халбаҥнаабат буолуу
Нууччалыы Надежда, верность, непоколебимость
Эппит тылы, салалта дьаһалын толоругас, истигэн, эрэмньи, кырдьыксыт, көнө буолуу ханна барытыгар сэргэнэр.
Н. ЛугиновСэрии ыар усулуобуйатыгар хотугу киһи -- тулуурунан, санаата көнөтүнэн, дьэбиринэн, дойдуга бэриниилээҕинэн, ытара, туттара-хаптара эрэмньитинэн хайҕатар буолара. КНЗ ОО Кылына оҕонньор дьэ холкутугар түспүт эрэмньи куолаһынан эттэ. Ойуку. Ыксаллаах түгэҥҥэ быһаарыылаах, чаҕыйан дубук туттубат эрэмньи эмчит Чолбон
3 даҕааһын #
суолт. Эрэллээх, хамнаабат, кытаанах
Нууччалыы Надёжный, верный; твёрдый