Перевод с якутского
эрээри
холбуур, сыһыат, тыл
Нууччалыы хотя, хоть
Ис хоһооно · 7
1 #
ситим т
Дьон итэҕэйбэт эрээри, сымыйанан уолуйбута буолаллар. Амма Аччыгыйа Эдэр киһи эрээри, эрдэһит эбиккин дии. Софр. Данилов. Халдеев балаһыанньатын билэр эрээрилэр, оҕолор тоҕо тугу да саҥарбатылар? ХС
2 #
Утарар суолталаах: буолан баран
Нууччалыы Союз уступительный со значением хотя, хоть
3 #
Болдьох суолталаах: буолан баран
Нууччалыы Условный союз
Оҕолор туох санаалаахтарын билбэт эрээригит, хайдах итинник уурааҕы, итинник ыҥырыыны ылыннараары гынаҕыт? Софр. Данилов. Барсыбат эрээригин, үҥкүүттэн тоҕо кинилиин бииргэ тахсыбыккыный? ХС Оҕонньор тыйаатырын тумна сылдьар: үлэлээбэт эрээри эмиэ тугу баран хараҕы аалан ХС
4 #
ситим сыһыан т
Оҕонньор аргыый эрээри, киһиэхэ барытыгар иһиллэрдик саҥаран барда. Софр. Данилов. Оччо оҕолордоох эрээригин, сааппаккын даҕаны. Амма Аччыгыйа Кинилэргэ ити туһунан тугу да этэ иликпин эрээри, өйүөхтэрэ дии саныыбын И. Семёнов
5 #
Утарар суолталаах
Нууччалыы Союз с модальным уступительным значением
6 #
Болдьох суолталаах
Нууччалыы Союз с условным значением
Билбэт эрээри мөккүһүмэ. Ыалдьар эрээри тоҕо кэллиҥ? Таптаабат эрээригин бу ыйдар усталарыгар эн тоҕо наар кини туһунан санаан таҕыстыҥ? Софр Данилов
7 #
ситим сыһыан т. Бу, ити, ол ыйар солбуйар ааттары кытта ситим сыһыан тыл холбоһугун үөскэтэр: бу (ити, ол) эрээри, бу (ити, ол) гынан баран, да буоллар
Нууччалыы С указательными местоимениями бу ʽвот этоʼ, ити ʽвон этоʼ, ол ʽтот, тоʼ составляет союзное модальное сочетание ʽно, однако, тем не менееʼ
Ол эрээри, кини быһаччы дьаһалынан элбэх оҥоһуллубута. "Кыым". Ити эрээри, сүөһү турар тутууларын билигин даҕаны бытааннык ыыталлар. "ЭКһ. Бу да эрээри, этэр тыла хоһоонноох; ол хоһооно маннык. ПЭК ОНЛЯ III