ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ээл-дээл

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы безразлично, равнодушно, безучастно

1 сыһыат #

Улахан интэриэһэ суох, соччо аахайбакка, сэргээбэккэ, кыһаллыбакка (сыһыаннас)

Нууччалыы Безразлично, равнодушно, безучастно (относиться к чему-л.)

  • Иллэҥсийииттэн, ээл-дээл, туох да соруга суох сылдьыыттан хаһан да үчүгэй тахсыбат.
    И. Федосеев
  • Көнтөрүк майгылаах, куруутун утуйа сылдьар сыылба дириэктэр хаһаайыстыбатын ээл-дээл, дуомугар эрэ салайар. Эҕэрдэ СС. Ээл-дээл, үрдүнэн-аннынан аат эрэ харата үлэлээһин, хаачыстыбата суох бородууксуйаны оҥоруу табыллыбат
    Кыым

2 даҕааһын #

суолт. Кыһамньыта суох, үрдүнэн-аннынан сыһыаннаһар (хол., үлэһит)

Нууччалыы Неприлежный, не старательный, поверхностный (напр., о работнике). [Оҕонньоттор] Эдэрдэри сэмэлииллэр, "Ээл-дээл отчуттаргыт" дииллэр

  • Ээл-дээл суоппардаах тэрилтэ эрэйи көрөр.
    М. Попов
  • Ээл-дээл киһи дьиҥнээх суруналыыс буолуон сатаммат.
    ХС
  • Ср. бур. ээл-тээл ʽедва; еле-елеʼ

«Э» буукуба