ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҕэ

аат тыл

Нууччалыы тайный умысел

English hidden thought or intention

1 аат тыл #

Нууччалыы тайный умысел

English hidden thought or intention

  • эҕэ санаа
    сокровенные мыслиone's innermost thoughts
  • тыл эҕэтэ
    скрытый смысл словаthe hidden meaning of a word
I

2 аат тыл #

Уу сүүрүгүрэн үөскэппит оҥхойо, дьаамата эбэтэр боллороото, томторо

Нууччалыы Яма, вымоина или бугор, холмик, образованные течением, потоком воды

  • Уһун синньигэс сыарҕа эҕэлэртэн, хаар сыҥаһалартан иҥнэ-иҥнэ, ханна эрэ ыраах күүскэ садьыйталыыра, эйигин субу туура илгистэн кэбиһиэх курдук.
    Н. Заболоцкай
  • Тумустаан киирбит таас былаастаах кумах эҕэҕэ оҕолор сөтүөлээн чалымныыллар.
    ХС
  • Күлүктэммит эҕэм кэнниттэн быган көрбүтүм – кус бөҕө!
    ХС
II

3 аат тыл #

Киһи этэр тылларыгар аһаҕастык этиллибэккэ эрэ өйдөнөр туох эмэ хос санаа (хол., үгэргээһин, элэктээһин)

Нууччалыы Внутренний скрытый смысл, заключённый в речи кого-л. (напр., ирония, насмешка)

  • "Саһылыҥ даа?" – ойоҕун тылыгар элэктээһин эҕэтин сэрэйиэх курдук, мылаллан олорбохтоон баран, хоруй ылбакка, оҕонньор холкутуйар.
    Амма Аччыгыйа
  • Эбирдээх кэҥэриилээх кыыс эмиэ күлээри айаҕын саба туттан иһэн, оҕонньор тылларын эҕэтин дьэ өйдөөн, айаҕын аппытынан даллайан турда.
    И. Гоголев
  • "По какому случаю такой праздник?" – кини эҕэрдэлиир саҥатыгар эҕэ даҕаны, үөрүү да тэҥинэн бааллара
    Далан

«Э» буукуба