ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҕэрдэлээ

туохтуур

Нууччалыы выражать одобрение чему-н., полное согласие с кем-чем-н

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ өйүүргүн көрдөрөн сөбүлүүр, сөпсөһөр, биһириир санааҕын биллэр

Нууччалыы Выражать одобрение чему-н., полное согласие с кем-чем-н

  • Илиилэрин оргууй өрө уунан, эйэҕэстик мичээрдээн, кинилэр Ийэ дойдуну, бар дьону эҕэрдэлээбиттэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кулууп саалатыгар толору мустан олорор дьон дорҕоонноох ытыс тыаһынан эҕэрдэлии көрүстүлэр.
    М. Доҕордуурап
  • Бу да дьаһалы нэһилиэнньэ эҕэрдэлии көрсүбүтэ.
    ХС
Өссө холобурдар (4)
  • "Аа, табаарыс Аллахов, сирэй бэйэтинэн!" – эҕэрдэлии тоһуйда бэрэдэбиэс
    Н. Заболоцкай
  • Кимниин эмэ көрсөн дорооболос. Θ Приветствовать кого-л. при встрече. Поповтаах Иванов тэҥҥэ эҕэрдэлээн, биирдэрэ дириҥник киҥинэйдэ, биирдэрэ хатаннык чаҕаарыйда: "Үтүө күн! Үтүө сарсыарда!"
    Амма Аччыгыйа
  • "Үтүө киэһэ!" – диэн эҕэрдэлээбитэ буола-буола, кини Оксанаҕа утары кэлэн илиитин ууммута.
    Суорун Омоллоон
  • "Утро доброе!" – кинигэ кыбыныылаах Виноградов учуутал киирэн остуораһы эҕэрдэлээбитэ
    Ойуку

2 туохтуур #

Кими эмэ (хол., туох эмэ бэлиэ күнүнэн, ситиһиитинэн) биһирииргин, хайгыыргын үтүө сыһыаннаахтык биллэр

Нууччалыы Приветствовать кого-л. по случаю какого-л. приятного, радостного события, поздравлять

  • Уой, Никита, здравствуйте! Кыайыыгынан эҕэрдэлиибин!
    Н. Лугинов
  • "Эһигини эҕэрдэлиибин Саҥа дьылынан, саҥа дьолунанһ, – диэбитэ.
    Л. Попов
  • Бу муус устар сырдык, намыын сарсыардатыгар төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибин.
    В. Титов
Өссө холобурдар (1)
  • Учуутал күнүнэн күндү киһибин Мария Петровнаны эҕэрдэлиэхтээхпин
    ССС ОББ

«Э» буукуба