Перевод с якутского
эҥин
даҕааһын, частица, аат тыл
Нууччалыы то-сё, всякая всячина; разнообразие чего-л
English different, various
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ол-бу, араас барыта
Нууччалыы То-сё, всякая всячина; разнообразие чего-л
Эҥини билэ-билэ, Элбэх дьон баарыгар эппэт идэлээх эбит.
Өксөкүлээх ӨлөксөйЭҥини көрсүбүт эргэ синиэлин сыттанан -- сытынан кэбистэ. Амма Аччыгыйа [Өрүүсэ] киирэн хотон иһигэр торбос баһыгар олорон, эҥини барытын санаата Эрилик Эристиин
2 даҕааһын #
суолт. Араас, элбэх араастаах, дьүһүннээх, эгэлгэлээх
Нууччалыы Разный, различный, разнообразный
Эҥин дьону кытта эҥэрдэһэн, Эн-мин дэһэн эйэлээхтик олоортум. А. Софронов Эҥин эндир да кэллэр Эрдээх дьонтон хаалымаар. С. Данилов Кини баһаам элбэх Эҥин сибэккилэри илиитигэр туппут. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Дьэ, эҥин кыһалҕа баар буолар диэтэххит И. Бочкарёв
3 этии #
Нууччалыы Превосходный, отменный, прекрасный; нарядный, красивый
Этиилэр
Ийэтигэр эппэтэх эҥин тылын этит
ийэтин-аҕатын ырыатын ыллат диэн курдук (көр ийэ-аҕа).
Ийэтигэр эппэтэх эҥин тылын эттэ, аҕатыгар саҥарбатах амарах үтүө тылын тылласта. Ньургун Боотур. Дьэ оттон тыыннаахтыы тутар күннээх буоллахпытына, тугу хоргутуоххунуй, ийэҕэр эппэтэх эҥин тылгын этитиэм -- хааҥҥынан сууйуом, оһоҕоскун муоһалыам.
П. Ойуунускай
Эҥин (эҥинэ) бэйэлээх
1) уһулуччу үчүгэй, туйгун; мааны, талыы Эҥин бэйэлээхтэрбит сэрии уотугар сылдьаллар. Амма Аччыгыйа. [Мэхээлис:] Эҥин бэйэлээх кыргыттар бааллар эбээт. Холобура ити Дьиибэ Лэкиэс кыыһа Сибиэтэ. Эчи өйө-мэйиитэ, үлэһитэ! С. Ефремов. Куорат иһигэр эҥин бэйэлээх донской, амурскай боруода аттары миинэ-миинэлэр, байыаннайдар кэлэн-баран, өрө тыыннаран эрэллэр. Бэс Дьарааһын. Эҥин бэйэлээх сэлиик аттар, кур оҕустар, тардыылаах көлөлөр киниэхэ бааллар. М. Доҕордуурап; 2) арааһынай, араас көрүҥнээх, элбэх араастаах, эгэлгэлээх.
Разный, разнообразный, разнородный, отличающиеся друг от друга по каким-л. признакам.
[Хатыҥ] туоһа эҥин бэйэлээх иһит, муҥхаҕа, илимҥэ хотоҕос буолар.
Суорун ОмоллоонБэрт уһуннук астаһан баһымньытын угун төрдүн туурда. Онно да элбэх сыра-хара барда, эҥин бэйэлээх тыллар туттулуннулар. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
Булчут киһи бултаабатаҕына тэһийбэт, тулуйбат, түүнүн түүлүгэр биир кэм эҥинэ бэйэлээх бултар эккирэтэ сылдьаллар эбэтэр аргыстаһан хаамсаллар. ХС Эҥин тама эстэн түөлбэ. – тугу да гынарыттан ааһан, кыаҕа баранан. Не найдя выхода, исчерпав все свои возможности в чём-л. (напр., в воспитании ребёнка). Ийэтэ эҥин тама эстэн, мааны тыла баранан, оҕото уон икки сааһыгар тиийиитигэр абаҕатыгар Чоочо кинээскэ баран: "Оҕом тылбын истибэт буоллаһ, – диэтэ. "Чолбон".
Эҥин тылын эттэ
ийэтин-аҕатын ырыатын ыллат диэн курдук.
Мин уолбун Тимир Ыйыста Хараны, Орто дойдуга тахсыытыгар, эҥин тылбын этэ сатаабытым. Саха фольк Эҥин тылгын Этэн-тыынан, Этэ-хаана Эймэниэр дылы Иэйээр-туойаар.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС өҥин ʽдругой, инойʼ
4 #
эб. Этиллэр предмеккэ киниэхэ маарынныыллары кытыаран-түмэн холбуур суолтаны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает собирательность путём приобщения, присоединения других подобных понятий к значению названного имени
Хойгуону эҥини онтон ылыаҥ этэ. Н. Заболоцкай Ол [сэлиэһинэй] оннугар наар ньэчимиэни, эбиэһи эҥин ыһабыт. А. Фёдоров Онон саһыл, кырынаас эҥин да баар буолуон сөп ХС
Өссө холобурдар (3)
уурунан бэриллибит кэпсиирэҕэ сыстан, хайааһыны түмэн-холбоон көрдөрөр. Θ Примыкая к глагольному сказуемому, выражает собирательность действия. Киһи тылын истимтиэ эҥин. Амма Аччыгыйа Кэм кини [Доропуун оҕонньор] онон-манан түбүгүрбүтэ, сайыны быһа оттообута, ол быыһыгар аны пиэрмэ саһылларыгар балыктаабыта эҥин баар буолааччы. Н. Заболоцкай Арай, куоракка уулуссаны кэриирдиир үһү, тугу эрэ оҥорон хаайыыга олорбут эҥин диэн иһиллэр А. Фёдоров