Перевод с якутского
араас
даҕааһын, холбуур, аат тыл
Нууччалыы разный, различный, разнообразный
English different, various
Ис хоһооно · 9
1 даҕааһын #
Хас да суолга, хас да көрүҥҥэ арахсар
Нууччалыы Разный, различный, разнообразный
Клумбаҕа араас кыһыл, күөх өҥнөөх сибэккилэр долгуһа тураллара. Амма Аччыгыйа Биир күн устатыгар мин төһө-төһө араас эгэлгэни көрдүм!
Суорун ОмоллоонӨтөрүнэн ыал олохсуйбатах, булчут эрэ сылдьар, үрэх баһа дойду - араас булт-алт, кыыл, саһыл уйата. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
Мин оскуолабар опытнай учаастак тэрийэн, араас үүнээйилэри үүннэриэм С. Ефремов Кини бэрт дириҥник арааһы толкуйдуурга дылы гынар. Амма Аччыгыйа Мин эмиэ бу сквери таптыыбын, Дуоһуйа хаһыат ааҕабын. Арааһы аттара саныыбын. Ээл-дээл да буолан хаалабын. Баал Хабырыыс Аҕаа, эн тускунан дьон арааһы саҥарара истиэхпэр олус куһаҕан С. Ефремов
2 даҕааһын #
Ханнык эрэ бэлиэнэн уратылаһар, тугунан эмэ арахсар
Нууччалыы Различающийся по каким-л. признакам, отличающийся чем-л
Араас саҥалаахпыт, быһыылаахпыт, дьүһүннээхпит. Амма Аччыгыйа Биһиги тыаларбытыгар көҥдөйгө төрөөччү 20 араас көтөр кынаттаах баар. Далан Араас суол массыыналары көрбүтүм. Идэбинэн сайынным диэххэ сөп. С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
Саргылаан түөрт сыл устатыгар үгүс араас омук устудьуоннарын кытта бииргэ үөрэммитэ, бииргэ сылдьыбыта. Софр Данилов Арааһы эбэргэ маҥнай көҕүрэтиллээччини эбиэххэ уонна ол түмүгүттэн көҕүрэтээччини көҕүрэтиэххэ сөп. БАН А
3 даҕааһын #
Эҥин-эҥин, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах
Нууччалыы Всякий, всевозможный, какой можно себе представлять
Онуоха айылҕа бэйэтигэр баар араас күүстэри баһылаан, үөрэх күүһүнэн айылҕаны кыайыы ситиһиллибитэ уонна ситиһиллэ турар. М. Доҕордуурап Бу манна мин төбөбөр араас санаалар кииртэлиир буолаллара, ол аайы туох эрэ биллибэттэн дьиксинэн сүрэҕим хамсыыр буолар этэ. С. Ефремов [Ньукулаас] Туркулаах үрэҕэр эдэр эрдэҕиттэн абаҕатыныын бултаабыт араас түгэннэрин санаталаата С. Никифоров
4 аат тыл #
Ол-бу, эҥин барыта
Нууччалыы То-се, всякая всячина
5 аат тыл #
мат. Көҕүрэтии түмүгэ
Нууччалыы Результат, итог вычитания
6 этии #
Нууччалыы Вести себя неприлично, неэтично, дать повод людям осудить тебя
Этиилэр
Уон араас буолума көр уон
Эҥин араас буолан көр эҥин
7 этии #
Уон араас көр уон
8 #
ситим т., кэпс. Өскөтүн, өскө (туох эмэ оҥоһуллар усулуобуйатын көрдөрөр)
Нууччалыы Если (выражает условие совершения какого-л. действия)
Араас мин таптыыбын да, сокуон буолуох тустаах. Н. Неустроев Араас эн киһи тылын истибэккин да, биһиги эйигин мунньахха көрүөхпүт С. Ефремов
9 #
төһө ахс. аат, кэпс. Биир (ахсааны ааҕыыга)
Нууччалыы Один (в счете чего-л)
Дьарыпылаан биир кирпииччэни ылан баран: "Чэйиҥ, оҕолоор - араас, дыбаа!" С. Ефремов