Перевод с якутского
эҥээр
аат тыл
Нууччалыы передняя левая или правая пола одежды; нижняя пола одежды
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Кэтэр таҥас (хол., сон, ырбаахы) иннин уҥа, хаҥас аҥаара; кэтэр таҥас аллараа өттө
Нууччалыы Передняя левая или правая пола одежды; нижняя пола одежды
Хараҕын уута сонун икки эҥээригэр муус кыаһаан буолла.
П. ОйуунускайОнтон Болугур ыкса кэлэн сонун эҥээриттэн тардыалыыр: "Кэл, наартаҕа олор!" Н. Якутскай "Бу эн оҕоҥ дуу?" – диибин, ол икки ардыгар ырбаахытын аҥаар эҥээрин тэлимнэтэ оонньуу турар Никиитэ уолу ыйабын Амма Аччыгыйа
2 аат тыл #
Туох эмэ ойоҕос, кытыы өттө
Нууччалыы Край, сторона чего-л
Алдан уһук нэһилиэгэр – Түүлээх эҥээригэр дьэ түһүөҕүҥ. Амма Аччыгыйа Өлүөнэ өрүс умнаһыттан Бүлүү эҥээригэр көспүттэрэ. Н. Якутскай Булчуттар булт суолун сонордоон кый бырах үрэхтэр эҥээрдэригэр, хайаларга тиийэллэр А. Сыромятникова
3 этии #
Этиилэр
Эрэйи (эрэйи-муҥу) эҥээринэн тэлэн
муҥу муннунан тыыран диэн курдук (көр муҥ I).
Үгүс эрэйдэри эҥээринэн тэлбит ааттаах булчут Мэхээлэчээн оҕонньор тылын толорон: "Биһиги кыра эрдэхпитинэ…" – диэн саҕалаан барда. Т. Сметанин Сыллар да сыллар, Сыыйылла ууннары тардыллан… Дьоннор да дьоннор, Эрэйи-муҥу эҥээрдэринэн тэлэн! В. Саввин
Өссө холобурдар (2)
Ити гынан баран, эйигиттэн сааспынан быдан аҕа, олоххо элбэх эрэйи-муҥу эҥээрбинэн тэлбит буоламмын -- эйигин үөрэтэргэ холоннум. ХС Бу уһун үйэтигэр эрэйи эҥээринэн тэлбит, -- чороҥ соҕотоҕун, уот сиэбит төҥүргэһин курдук туран хаалбыт, иннэ кылгаабыт киһи санаата киэҥин, холкутун, сүрэҕэ сылааһын сөҕөҕүн. КНЗ ТС
4 этии #
Нууччалыы Общее название пяти центральных улусов Якутии (Мегино-Кангаласского, Усть-Алданского, Чурапчинского, Таттинского, Амгинского), находящихся на восточной стороне реки Лены
Этиилэр
Илин эҥээр
Саха сиригэр Өлүөнэ өрүс илин өттүгэр сытар киин улуустар (Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Амма) уопсай холбуу ааттара Баһаар эбэ аһа-баайа Эмиэ баһаам үлүгэр – Маҥан, Хатас хаппыыстата, Илин эҥээр этэ, үүтэ.
Күннүк Уурастырап. Илин эҥээр ааттааҕа Сынаҕы баай Миигинниин былыргыттан аат-суол былдьаһар. И. Гоголев Ср. казах. өҥир ʽборта одеждыʼ, бур. энгэр ʽворот (одежда)ʼ, монг. энгэр ʽлацканы, борта (у одежды)ʼ, эвенк. энгэр ʽпола (платья)ʼ