Перевод с якутского
үйэтээҕи
даҕааһын
Нууччалыы древний, очень давний
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Оччоҕо буоллаҕына Халыҥ хаар анныттан Хайа үйэтээҕи дьон Ойон туран, охсуһууга барыахтара. А. Софронов Былыргы дьон диэн ааттанар, үтүмэн Үйэтээҕи мин өбүгэлэрим Олорбуттара үһү булт бултаан, сүөһү ииттэн. С. Данилов Хааллаҕына да киһи бөрүкү аһыйбат булбут өтөҕө, былыргы үйэтээҕи өтөх. Эргэрэн, эмэҕирэн да бүттэ А. Бэрияк
2 даҕааһын #
Былыыр-былыр үөскээбит, баар буола сылдьыбыт
Нууччалыы Древний, очень давний
3 даҕааһын #
Үйэлэр усталарыгар буолар
Нууччалыы Протекающий в течение многих веков (напр., о колебаниях земной коры)
Сир үйэтээҕи халбаҥнааһына. КВА МГ
4 даҕааһын #
Ханнык эмэ үйэҕэ (үйэлэргэ) сыһыаннаах
Нууччалыы Относящийся к какому-л. веку (векам)
Биһиги кэммитигэр тэҥнээтэххэ, орто үйэтинээҕи куорат нэһилиэнньэтэ элбэҕэ суох этэ АЕВ ОЧИ