ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үйэ

аат тыл, сыһыат

Нууччалыы век

English century

Ис хоһооно · 12

1 аат тыл #

Нууччалыы век

English century

  • орто үйэлэр
    Средние векаthe Middle Ages

2 аат тыл #

Нууччалыы время

English time

  • үчүгэй үйэ үүннэ
    настало хорошее времяthere arose a good time

3 аат тыл #

Нууччалыы продолжительность жизни

English lifespan

  • төрдүс үйэтигэр тиийэ олордо
    он дожил до четвёртого коленаhe lived to reach the fourth generation

4 аат тыл #

Сүүс сыл

Нууччалыы Век, столетие

  • Сүрэхпэр биирдэ сайан киирдэ Сүүрбэһис үйэм салгына.
    С. Данилов
  • Биһиги саҥа үйэҕэ уктэннибит.
    В. Протодьяконов
  • Онтон ол уон ахсыс үйэ ортотун диэки Киһилээн Куохаан сүрэхтэнэн, аата Микииттэ диэн буолбут
    МНН

5 аат тыл #

Киһи олоҕун устата, уһуна

Нууччалыы Век (протяженность жизни человека)

  • Ким хамсыыр-имсиир, үлэҕэ мускумар - ол үйэтэ уһуур.
    Н. Габышев
  • Киһи эдэр сылдьан үйэтэ хаһан да бүтүө суоҕун курдук туттар да, киһи олоҕо хараҥҥаччы көтөн элэс гынарын кэриэтэ эбит. Софр. Данилов. Назар оҕонньор уолугар олорон үйэтин барыырдыы тыа олоҕуттан, куоракка ньим-бааччы олохсуйда
    Дьүөгэ Ааныстыырап
  • Туох эмэ мал төһө уһуннук баар буолан сылдьарын устата. Θ Длительность существования, службы чего-л. (напр., одежды). Оокком, бу таҥас үйэтигэр тиийбэккэ, баран хаалбыта баар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
  • Бу бинсээги ылан биэрбит киһи, уларса кэттэҕинэ, көстүүмүн үйэтэ уһуо этэ
    В. Ойуурускай
  • Бу туохтан үйэтигэр Үөрбэтэҕин үөрэн, Дьокуускайым күн бүгүн Ыллаан-туойан эрэр? Эллэй. Хаппытыан үйэтигэр быар куустан олорбута суоҕа.
    А. Сыромятникова
  • Аида мыыла диэни үйэтигэр көрбөтөх-билбэтэх буолан, муодарҕаабыта
    И. Федосеев

6 аат тыл #

Ханнык эмэ оһуобай уратыларынан бэлиэтэнэр историческай кэм устата, кэрдиис кэм

Нууччалыы Период времени, эпоха

  • Тиэхиньикэ үйэтин киһитэ, авторучкалаах инигин?
    Н. Габышев
  • Аатам уонна электроника үйэтигэр сүлүүдэ олус суолталаах.
    И. Данилов
  • Дьэ, бу космос үйэтигэр Аҕыйах чаастаах айан
    Баал Хабырыыс

7 аат тыл #

Уруулуу дьон утумнара (өбүгэлэртэн, эһэттэн-эбэттэн сиэннэрэгэ диэри)

Нууччалыы Родственная связь по прямой нисходящей линии, связь поколений

  • Уруккута биһиги, Үйэттэн үйэҕэ Эһэлээх эбэ саҕаттан Чохчолообут дьоллоох баайдарын, Муспут бойум харчыларын, Халыым хамсык туттараары Халаабыс муҥунан симинэннэр Хайыы үйэҕэ кэлэн Халҕа дьиэли аспыттар эбит.
    С. Зверев
  • "Хабырыыһы кытта биир үйэ арахсыбыт уруу", - диэн [бандьыыттар Хопто уолун босхолоотулар]. Эрилик Эристин. Оҕонньоттор кэпсииллэринэн, биһиги өбугэбит, элбэх киһи үйэтин анараа өттүгэр, Өлүөхүмэттэн көһөн кэлбитэ үһү
    Багдарыын Сүлбэ

8 сыһыат #

суолт. Тардыылаах түһүктээһин сыһыарыы түһүгүн форматыгар сыһыат суолталанар: "сааһыгар, хаһан да"

Нууччалыы В форме дательного падежа притяжательного склонения приобретает наречное значение: "никогда в жизни"

9 этии #

Этиилэр

Мутугунан быраҕар муҥур үйэ көр муҥур

  • Мантыката даҕаны, аҕата бокуонньук мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр мунньаахтаабыт баайын-дуолун кыайан буойа-хаайа тутар дуу, суох дуу?
    Суорун Омоллоон
  • Мутугунан быраҕар муҥур үйэбэр сырыым-айаным дууһабын дуоһуппута, сүрэхтин үөрпүтэ, сүргэбин көтөхпүтэ. "ХС"

10 этии #

Этиилэр

Өлөр үйэтигэр көр өл I

  • Ээ, кырдьык, дьэ, оҕонньотторбут өлөр үйэлэригэр, кырдьар саастарыгар биирдии үчүгэй ырыаны, ахтыах-саныах курдук, ыллыахтара буоллаҕа дии.
    Эрилик Эристиин
  • Эн кырдьар сааскар, өлөр үйэҕэр соҕуруу дойдуну көрөн хаалыаҥ, бэйэҕин да көрдөрүөҥ этэ буоллаҕа дии. Далан

11 этии #

Нууччалыы Наступили другие времена, все поменялось с ног на голову

Этиилэр

Үйэҕин (сааскын) моҥоо көр моҥоо

  • Мин сынньалаҥнык олорон, талбытынан аһаан-таҥнан үйэбин моҥуохпун баҕарабын.
    А. Сыромятникова
  • Ийэлээх аҕата бэлэхтээбит эт мэйиитинэн, таһыттан таммаҕы эбиммэккэ эрэ үйэтин моҥоотоҕо.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (6)
  • Холкуос бастаан тэриллиэҕиттэн үйэтин моҥуор диэри хонуу үлэһитэ, холкуос биригэдьиирэ этэ.
    ХС
  • Үйэ туолбут - кэм-кэрдии уларыйан, туох барыта төрдүттэн атын буолбут, тиэрэ эргийбит Ити дьон дьэ тугу дьүүлэһиэхтэрэ-дьүһүннүөхтэрэ үһү. Үйэ туолбута, дьэ чахчы эбит.
    Болот Боотур
  • "Үйэ туолан араас дьон кинээстээннэр. Ити Кынаачай күтүр, дуобат саҕа бэйэтэ, эчи уоҕун-кылынын", - Афанасий Сидоров оҕонньор Еремеев диэки хайыста.
    М. Доҕордуурап
  • Үллэр үйэтигэр (үйэтин тухары) - саллар сааһыгар диэн курдук (көр салын I). Билигин кини үллэр үйэтигэр билбитин-көрбүтүн бэйэтин сиэнигэр биэрэр.
    А. Кондратьев
  • Атааннаах-мөҥүөннээх аан дойдуга маннык кырыыстаах хара суор буолан халаастыы сылдьарын саллар сааспар, үллэр үйэбэр итэҕэйиэ суох этим.
    Е. Неймохов
  • Кини үллэр үйэтин тухары үс ынахтан ордук сүөһүлэммэтэх. С. Никифоров

12 этии #

Нууччалыы Каменный век

Этиилэр

Бу үйэҕэ көр бу I

  • Бу үйэҕэ сылдьыбыт талаһан этэ. Ону баара кыыһыран титирэстээн мүччү үктээтэҕим дии.
    М. Доҕордуурап
  • [Ааныка:] Ол Мэхээлис оҕонньор хайдах эйиэхэ балыгы ыһыктыбытай. Бу үйэҕэ балык бэрсэн өҥөлөспөт этэ.
    С. Ефремов

Былыр үйэҕэ көр былыр

  • Ол иһин кини обургу үөнэ-күрдьэҕэтэ баппакка, ити былыр үйэҕэ ааһан хаалбыты түбэһиэх ахтар бэйэлээх буолсу дуо?
    Н. Лугинов

Кыргыс үйэтэ көр кыргыс

  • Уоһук, ардыгар, олонхолуу Оһох иннигэр оллооннуур, Былыргы быһылаан, охсуһуу. Кыргыс үйэтин ойуулуур. Дьон Дьаҥылы.

Таас үйэ

киһи-аймах сайдыытын бастакы кэрдиис кэмэ: оччотооҕу дьон туттар сэптэрин-сэбиргэллэрин тааһынан оҥостоллоро "Былыр таас үйэ саҕана, - диэн бэрт ыраахтан саҕалаатым, - бастакы дьон наар эт-хаан көрдөбүлүнэн: тоҥнохторуна - итиигэ тардыһан,

  • аччыктаатахтарына - бултаан аһаан, бэрт судургутук олорбуттара".
    Н. Лугинов
  • Дьон үлэ орудиеларын тааһынан оҥосто сылдьыбыт кэмнэрин бүтүннүүтүн таас үйэтэ диэн ааттанар. КФП БАаДИ

«Ү» буукуба