Перевод с якутского
үкэр
аат тыл
Нууччалыы осока.
1 аат тыл #
Уу кытыытыгар, сииктээх сиргэ үүнэр уһун синньигэс үс кырыылаах хоччорхой салаалаах, төбөтүгэр хас да араҕастыҥы бороҥ өҥнөөх куоластаах кылыс от
Нууччалыы Осока. Үкэр от бүөлүү үүммүт ханнык эрэ чычаас сүлбэҕэ тиийэн кэлиллэр. Амма Аччыгыйа. Күөл көһөн, аттаах киһини иҥэһэ тэбэринэн үкэр от өрө үтэн үүммүт. Күннүк Уурастыырап. Наммара сүнньэ хара бастаах үкэр отунан ыга анньыбыт, кырдаллара күрдьүгэс күрүөнүнэн будьуруспуттар. Р. Кулаковскай
2 #
үкэр куйаас – наһаа сыралҕана суох, сылаас, чуумпу сайыҥҥы халлаан
Нууччалыы Не очень жаркая, тихая, тёплая летняя погода
Үрүлүйэр үрүҥ күн Үкэр куйаас тыына угуттаан Сымыыт сыыйа иччитийэн Итии тыыннаммыта, Ириэнэх эттэммитэ.
Суорун ОмоллоонҮкэр куйаас Барыбытыгар сыдьаайбатаҕа дуо? Торҕо күөх Барыбытыгар чэлгийбэтэҕэ дуо? С. Васильев Сатыы үкэр куйааһым Сыралҕанын сойутан, Сөрүүн, ыраас салгыным Сүрэхийбин уоскутта И. Чаҕылҕан