Перевод с якутского
үллэҥнэс
даҕааһын
Нууччалыы колыхающийся, волнующийся
Ис хоһооно · 5
1 #
үллэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Мунньах дьоно үллэҥнэһэ, үөмэхтэһэ, хаһыытаһа түстүлэр. И. Данилов. Итириктэр хаартылаары үллэҥнэстилэр. Амма Аччыгыйа
2 даҕааһын #
даҕ
Кириилин кэбиниэтигэр табах буруота үллэҥнэс. Л. Попов Мин ырыаларбын кураан тыала буолбакка, Өҥ сайын үллэҥнэс күөҕэ Уу сахалыы эрэ буолбакка - Уон омук тылынан көтүттэ. Н. Босиков Бу күөгэҥнэс, үллэҥнэс кытархай сардаҥалар, тыыннаах курдук ибиригии хамсыыллар ХС
3 даҕааһын #
Үллэҥнээн, күөгэҥнээн хамсыыр
Нууччалыы Колыхающийся, волнующийся
4 даҕааһын #
Биир кэм хамсыы-имсии, төттөрү-таары кэлииттэн-барыыттан уларыйа турар (хол., элбэх киһи мустубута)
Нууччалыы Беспорядочно, хаотично двигающийся, колыхающийся (напр., толпа людей)
Микиитэ балаҕанын үрдүгэр ынчыктаһан таҕыста, Бэһиэлэйэптэр дьиэлэрин таһа үллэҥнэс киһи-сүөһү буолбут. Амма Аччыгыйа Баһаарга тийбитэ, киһи-сүөһү үллэҥнэс, хардары-таары аалса, тура хаамса сылдьаллар Болот Боотур
5 даҕааһын #
Олус элбэх
Нууччалыы Полно, видимо-невидимо
Ордьонумаан ойуун дьон хараҕын баайарын туһунан араас кэпсээн эмиэ үллэҥнэс. И. Гоголев Харчыта диэн өлөҥ от курдук үллэҥнэс! Н. Якутскай Били урукку былааска "үспүкүлээн" диэн үөҕүллэр дьон "кэмэрсээн" диэн кэрэхсэбиллээх ааты ыла охсон көһүлүөктэрэ үп-үллэҥнэс харчы буола түстэ. "Чолбон". Биэс мүнүүтэ ситэ туола илигинэ хонтуора дьиэ иһэ тиллэ түстэ: киһи бөҕө үллэҥнэс буолла, суот тыаһа лаһырҕаабытынан барда Р. Кулаковскай