ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үллүктээ

туохтуур

Нууччалыы идти хлопьями, сплошной массой, валить

1 туохтуур #

Бөдөҥ-бөдөҥ бөлөҕүнэн хойуутук, өлгөмнүк түс (хаары этэргэ)

Нууччалыы Идти хлопьями, сплошной массой, валить (о снеге)

  • Кыһын, Кыс хаар үллүктүүрэ, Кырса суорҕанынан үлбүрүйэрэ.
    С. Васильев
  • Сымнаҕастык намылытан, Сыа хаар түһэн үллүктээбит.
    И. Петров
  • Маарыктаҕа кэлбиппит үһүс күнүгэр сарсыардаттан саҕалаан хаар түһэн үллүктээтэ
    Я. Семёнов

2 туохтуур #

Туох эмэ (хол., эһэ) тириитин кыһын олорон айанныыр ат сыарҕатыгар тэлгэтэ уур

Нууччалыы Стелить шкуру (напр. медвежью) на сани

  • Дьөгүөрсэ олорор сыарҕатыгар таба тириитэ тэллэхтээбиттэрэ, эһэ тириитэ үллүктээбиттэрэ
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Тугу эмэ үрүт үрдүгэр ууран чохчолоо, өрөһөлөө

Нууччалыы Накладывать что-л. кучей, грудой

  • Коля остуолга бааҥкалаах кэнсиэрбэлэри, краковскай халбаһыылары, суухараны уонна да атыттары хостоон үллүктээн кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • Миитэрэй кус бөҕөнү үллүктээбиттэриттэн соһуйбута.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Эр дьоннор, талах олоппосторго аргынньахтыы олорон, сорохторо тымтык тыыран үллүктүүллэр
    Р. Кулаковскай

«Ү» буукуба