Перевод с якутского
үлэлэт
Нууччалыы ввести что-л. в работу
Тугу эмэ үлэҕэ киллэр (хол., ханнык эмэ тутууну), хаамар, үлэлиир кыахтаах оҥор (хол., тиэхиньикэни)
Нууччалыы Ввести что-л. в работу
үлэлээ диэнтэн дьаһ. туһ. [Маарыйа:] Сатахха, кэлбитим кэннэ, тойонум оҕонньор кытаанах үлэни үлэлэтэн өлөрдөҕө үһү, онон мин санаабын түһэрээри. Н. Неустроев Никифоров кинээс бэйэтэ үлэлээн байбат, киһини босхо үлэлэтэн байар. М. Доҕордуурап Бу араадьыйабын хайдах да сатаан үлэлэппэтигит дии.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Медпункт дьиэтин быйыл күһүн бүтэрэн үлэлэтэн эрэллэр. П. Аввакумов Икки-үс холкуостаах эрэттэр малатыылканы үлэлэтэн холобур көрдөрдүлэр. Бэс Дьарааһын. Ньургуйаана таҥас тигэр чааһынай ателье аһан үлэлэтэр У. Ойуур