Перевод с якутского
үлүмнэс
туохтуур
Нууччалыы работать неутомимо с большим усердием, стараясь не упустить благоприятный момент
туохтуур
Бириэмэни, түгэни куоттарбат туһугар дьүккүһэн, түргэнник үлэлээ (хол., от үлэтигэр кураан күннэргэ)
Нууччалыы Работать неутомимо с большим усердием, стараясь не упустить благоприятный момент (напр., ясные погожие дни во время сенокоса)
Түүн хойуу туман түһэр. Дьоннор үлүмнэһэн, сииктэн сииккэ диэри охсоллор. И. Гоголев Эмээхсиним ииһин бүтэрээри үлүмнэһэн, таһырдьа быкпатах. И. Федосеев Дьоннорум отторун эрдэ бүтэрээри үлүмнэһэ сылдьаллара, түүн хараҥаҕа биирдэ кэлээхтииллэрэ ХС
Өссө холобурдар (3)
Тугу эмэ атыттартан өрүһүспүт курдук, тутуу былдьаһан, былдьаһа-тарыһа гын, оҥор. Θ Делать что-л., стремясь быть первым, стараясь опередить остальных. Тапталы киһи үп-харчы кэриэтэ үлүмнэһэн, былдьаһан-тарыһан ылбат. Софр. Данилов. Доҕотторум ити курдук үлүмнэһэ-үлүмнэһэ кэпсээн өрүкүнэйэллэр. В. Васильев Үлүмнэһэн, кус оҕотун көтүөр тиийбэккэ, куобах көҥүлүн көһүппэккэ быраканьыардаан быһа сытыйабыт. Н. Босиков Сорохтор сүүрэ-хаама былаастаан ситэн ааһаллар. Хайыахтарай, олоҕу сырсан эрдэхтэрэ. Дьолу ситээри, олоҕу үлүмнэһэн хаалаары
Н. Лугинов