ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үмүрүччү

сыһыат

Нууччалыы косолапо

1 #

сыһ

2 #

Атахтарын төбөтүн иһирдьэ, тиҥилэхтэргин тас диэки буолар гына (үктээ)

Нууччалыы Пятками врозь, носками внутрь, косолапо (ступать)

  • үмүрү диэн курдук. Буурҕалаах-силлиэлээх, хабыс-хараҥа күһүҥҥү түүн обургу, улуу тайҕаны үмүрүччү тарпыт курдук, күлүктүү бүрүүкээн кэллэ.
    Д. Таас
  • Туу сүрэҕэ тута үмүрүччү өрүллэн барар. Хомус У.
    ХС
  • Бэйэтэ бэртээхэй остуоруйаһыт, олоҥхоһут, кэпсээнньит, түһүлгэҕэ үтүмэн үгүс киһини үмүрүччү тардар үҥкүү этээччи буолбута. "Кыым"
Өссө холобурдар (2)
  • Суол бадарааныгар эһэ сабыс-саҥа дээдэҥнээн, үмүрүччү үктээн ааспыт суолун көрдүбүт.
    С. Маисов
  • Саҥа хаарга ким эрэ үмүрүччү үктэнэн барбыт. ЕНВ СТ. Иван Петрович илиититтэн араарбат хапсыгыр бартыбыалын биэрэҥнэтэн, үмүрүччү үктээн иһэр буолара
    Кыым

3 #

Уостаргын чорбоччу, үмүрүйэр курдук хомуйан (тутун)

Нууччалыы Собрав губы в дудочку, дудочкой

  • Эдэр киһи чорбоҕор уоһун үмүрүччү туттан, күлэн кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Саша үүт-үкчү аҕатын курдук эбит, оннооҕор мичээрдиирдиин, уоһун үмүрүччү, төбөтүн кыҥнары туттардыын.
    Болот Боотур
  • Уһуй чочумча саҥата суох уоһун үмүрүччү туттан олорбохтоон баран эттэ
    Н. Лугинов

«Ү» буукуба