ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үп

аат тыл

Нууччалыы финансы

English finance, finances

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы финансы

English finance, finances

  • үп министерствота
    министерство финансовthe Ministry of Finance

2 аат тыл #

Нууччалыы средства

English funds

  • тутууга эбии үбү биэрбиттэр
    стройке добавили средствthe construction was given additional funds
I

3 аат тыл #

Харчы, харчынан баай

Нууччалыы Средства, деньги, финансы. [Мэхээлэ:] Ол төрөппүт аҕатын үбүн матайдаатаҕын аайы тоҕо хаайыыга уктахтарай, доҕоор?!

  • [Кулуба:] Бэйэтэ билигин төһө эмэ үппүн сиэн сылдьар.
    Н. Неустроев
  • Үрдүк аакка-сурахха, өлгөм үпкэ Үйэм тухары баҕарбаппын
    И. Эртюков

4 этии #

Нууччалыы Присваивать государственные или чужие деньги. [Кэлэҕэй Дьаакып:] Боротокуол оҥорторумнаҕын

Этиилэр

Үбү сиэ

государство эбэтэр туора киһи харчытын апчарый Ыраас үппүн сиэн бараҥҥын, аны дьыалаҕа түбэһиннэрэриҥ итэҕэс дуо?

  • Миша Аймаан туппутунан охтубут револьверын ылан, -- үп сиир киһи быһыытынан сиэбигэр уктан кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • Аппыһыар биир атыыһыкка бүрүкээсчитинэн үлэлии сылдьан, хаартыга улаханнык сүүйтэрэн, үбү сиэн баран, борохуотунан Булуҥҥа күрээбитэ.
    Болот Боотур

Үбүнэн хааччыйыы

кими-, тугу эмэ харчынан үбүлээһин.

Снабжение кого-, что-л. денежными средствами, финансами, финансирование.

  • Тыа сирин үбүнэн хааччыйыы урукку курдук буолуо дуо, лаппа мөлтөөн турар. Ону ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох. "Кыым".

Үп ампаара

дьиэ таһыгар ол-бу малы-салы уурар ампаар.

Амбар (хозяйственный, на территории усадьбы).

  • Үп ампаарыттан дьиэҕэ дылы тиһэ оҥоһуллубут хараҥа күүлэ иһигэр Өлүөскэ бастаан киирдэ уонна көп түүлээх тириинэн бүрүллүбүт халҕаны таба харбаата.
    Эрилик Эристиин
  • Даайыс миискэлээх миини, тэриэлкэлээх эти, таҥаһынан сабан баран, үп ампаарыгар таһаарар.
    А. Бэрияк

Үп үлэһитэ

үп-харчы эргийэр салаатыгар үлэлиир киһи.

Специалист по ведению финансовых операций, финансист.

  • Үп үлэһиттэрэ бу боппуруоска бэйэлэрин санааларын этэллэрэ эрэйиллэр. ИИК ХХНьКХ
II

5 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, үр-, үч- диэн саҕаланар олохторго сыстар: үп-үрүҥ, үп-үчүгэй

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на үр-, үч-: үп-үрүҥ 'белый пребелый', үп-үчүгэй 'хороший прихороший'

  • Күөл үрдүнэн үп-үрүҥ буруо курдук туман көппүтэ.
    Н. Заболоцкай
  • Эдэр суруксут үп-үчүгэйдик Балбааралаах диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ: "Эһиги баттанан бачча дойдуга кэлэ сылдьар дьону аанньа ахтан дьыалаларын көрбөккүт", – диэтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Бурдук күүдээнэ көтөн сирэйдиин, баттахтыын түөрэ үп-үрүҥ буолан хаалабын
    С. Маисов

«Ү» буукуба