ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үрдүкү

даҕааһын

Нууччалыы высший

1 даҕааһын #

даҕ

  • Итэҕэйэбин, Үрдүкү айыылар үтүө харахтарынан көрүөхтэрэ.
    Саха фольк
  • Саҥа таҥара дьиэтин үрдүкү куупалын мөҥүүн кэриэһэ өндөл халлааны өрө үүттээн тахсар.
    Л. Попов
  • Сорох сахалар былыргы языческай итэҕэллээхтэр, баччааҥҥа диэри айылҕа күүстэригэр, үрдүкү айыыларга сүгүрүйэ сылдьаллар. Сайыына Дь.
    Т. Утар
Өссө холобурдар (1)
  • анныкы

2 даҕааһын #

Үөһэ баар, үөһээҥҥи

Нууччалыы Находящийся наверху, верхний

3 даҕааһын #

Орто сүһүөхтэн үөһээҥҥи (тугу эмэ арааран этэргэ)

Нууччалыы Старший. (при делении чего-л. на звенья)

  • Аҕыйах сааһын устатыгар үрдүкү хамандыыр дуоһунаһын ылбыт, үрдүк үөрэҕи бүтэрбит, герой буолбут.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэлин үрдүкү кылаастарга да үөрэнэ сылдьан, мин учууталбар сотору-сотору сылдьарым. КНЗ ОО. Ол Татьяна биһиэхэ эрэ сылдьыбыт буолбатах, атын үрдүкү сууттары да кэрийбит буолуохтаах
    ХС

«Ү» буукуба