Перевод с якутского
үрдүнэн
туохтуур
Нууччалыы выражая конкретно-пространственные отношения, употребляется при обозначении кого-чего-л
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
дьөһ
Сир ийэ үрдүнэн силлиэлээх холорук, Силлиэрэн-боллоорон ытыллан таҕыста.
П. ОйуунускайУолу үрдүнэн [суругу] өрө уунан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Остуолу үрдүнэн улахан мас чаһы ыйаммыт ХС
2 туохтуур #
Чопчу суолталаах миэстэ сыһыанын көрдөрөн, хайааһын ким, туох эмэ үрүт өттүгэр оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар (туохт. түһүгү салайар)
Нууччалыы Выражая конкретно-пространственные отношения, употребляется при обозначении кого-чего-л., над которым совершается действие (над)
3 туохтуур #
Хайааһын хайдах-туох оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы Выражает отношения образа и способа действия (выше)
Маннык үлэни ортону үрдүнэн сыаналыахха наада этэ. ХС Ол көмүһү аҕабыттан босхону эрэ үрдүнэн атыылаһан ылбыттара А. Федоров Бииктэр биэлсэр күн өрүү-өрүү кэлэн эмтиирин үрдүнэн, Дьөгүөрдээн өр ыарытта. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Ити туһунан гражданин Едлиҥҥэ сэрэтии баарын үрдүнэн, кини кыһамматаҕа Эрилик Эристиин
4 туохтуур #
Миэстэ сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын туох эмэ устун бүтүннүүтүгэр (хол., сир-дойду, элбэх дьону хабан). тарҕанарын көрдөрөргө туттуллар
Нууччалыы Выражая пространственные отношения, употребляется при обозначении того, по которой распространяется действие (по всему)
Оннук сэптэр нэһилиэк үрдүнэн арай Саҕаайаптарга эрэ бааллар. Амма Аччыгыйа Куоталаһыыга биригээдэ үрдүнэн саамай кэнники миэстэҕэ Алеша эбит. Софр. Данилов. Ол кыыс оскуола үрдүнэн бастыҥ ырыаһыт И. Алексеев
5 туохтуур #
ситим т. суолт. Сөбүлэһэр-утарар ситим тыл суолталанан салаа этиини тутаах этиини кытта холбуур
Нууччалыы Присоединяет противительно-уступительной связью придаточное предложение к главному предложению (несмотря на то, что)
6 этии #
Үрдүнэн ааһар (барар) –, кинитэ суох туох да барбат, буолбат диэн этии Хас ыалдьыт, хоноһо – барыта мин үрдүбүнэн ааһар. А. Софронов. Урут хас мунньах тэрээһинэ барыта наар Акулина Евстафьевналаах үрдүлэринэн ааһара. Софр. Данилов.
Нууччалыы соотв. все шишки валятся на кого-л
Этиилэр
Үрдүнэн көтөр
туохтан эмэ кыйахаммыккын эбэтэр кыһыыгын киминэн эмэ таһаар.
Выместить свою обиду, злобу на ком. -л.
Мин даҕаны, абарбычча, сыыр намыһахтыы, эн үрдүгүнэн көтөбүн. Эрилик Эристиин Сүрэххэ-быарга мунньуллубут абаны-сатаны ханна тарҕатыаҕы билбэт буолбут дьон эмиэ кини үрдүнэн көтөллөр. ХС
Өссө холобурдар (2)
Үрдүнэн көтөр кынаттааҕы, аннынан сур күүдээҕи аһарбат – тугу да аһарбакка сыысхала суох, бэргэнник ытар. Стрелять метко, без промаха. Үрдүбүтүнэн көтөр кынаттааҕы көтүппэтэрбит, анныбытынан сур күүдээҕи аһарбатарбыт ханнык этэ диэн ытар дьон буолуохтаахтар. Н. Заболоцкай Үрдүнэн күөх оту тэлгэтэн баран, түгэҕинэн үөдэни дьөлө хаспыт – киһиэхэ дьиҥнээҕинэн буолбакка, киһититтэн көрөн сыһыаннаһар, сирэй көрбөх. Лицемер, подхалим (букв.: сверху настлавши зеленой травы, под низом бездну прорыл)
7 этии #
Ол үрдүнэн (Н. Е. суох)– ону ол диэбэккэ диэн суолт. тут-лар Мин киниэхэ тоҥкуруун соҕуспун. Ол үрдүнэн кини миэхэ мэлдьи эйэҕэстик, истиҥник сыһыаннаһар. Софр. Данилов. Сүүрбэлии суотай сир диэн олус кыра, ол үрдүнэн, ким да уһаайбаны толору туһаммат. А. Федоров
Нууччалыы Несмотря на этэ