ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үтүлүк

аат тыл

Нууччалыы род перчатки с одним большим пальцем, рукавицы

1 аат тыл #

Илиигэ кэтиллэр биир тарбахтаах бэрчээкки көрүҥэ

Нууччалыы Род перчатки с одним большим пальцем, рукавицы

  • Тыс үтүлүк. Тарбах үтүлүк. Убаһа үтүлүк. Сарыы үтүлүк. Истээх үтүлүк.
  • Көстөкүүн табаҕын ылан хоонньугар уктан курданан баран, куобах бэргэһэтин, кулун үтүлүгүн кэтэн, аа-дьуо дьиэлээтэ.
    Күндэ
  • Түүтэ баранан эрэр сылгы тыһа этэрбэстэрин, убаһа үтүлүктэрин тыастаахтык тэбээн тибиргэттилэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Сарыы үтүлүгүнэн Санныга сап гыннарда, Баабый илиитинэн Баһыттан умса баттыалаабыта буолла
    С. Васильев

2 этии #

Нууччалыы Говорят, когда кто-л. кого-л. ругает, грозится при его отсутствии

Этиилэр

Үтүлүк иһигэр кокуоска

тустаах киһи суоҕар, билбэтинэн мөҥүттэри, үөхсэри, саанары этэллэр Кэлэйэн, Уйбаанчык уол куоска Хараҕын уотунан одуулуур.

Үтүлүктээх бэргэһэтин үрдүгэр түстэ

куотар аакка барда.

Стремительно уйти, ни минуты незадерживаясь убегать.

  • Оҕонньор силбиэтэнэн бүтээт, үтүлүктээх бэргэһэтин үрдүгэр түһэн, дьону ортотунан тоҕо хааман, тахсан барда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ылдьаа туох да бокуойа суох үтүлүктээх бэргэһэтин үрдүгэр түстэ. Н. Заболоцкай

3 этии #

Нууччалыы Поперечный разрез в ладони зимних рукавиц для выноса пальцев

Этиилэр

Үтүлүк уоһа

истээх үтүлүк ытыһын үрдүнэн киһи илиитин таһаарар гына туора хайа быһыы Оҕонньор үтүлүгүн уоһунан илиитин таһааран талбаатаабытыгар уола сүүрэн кэллэ.

  • Түҥкүнэ Байбал сылгы тыһа үтүлүгүн уоһунан илиитин таһаартаабыт. Эрилик Эристиин

«Ү» буукуба