ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үҥүс

туохтуур

Нууччалыы жаловаться на кого-л кому-л

1 туохтуур #

Дьүүллүүр, буойар, быһаарар кыахтаах киһиэхэ ким эмэ тосту-туора быһыытын эт, кэпсээ

Нууччалыы Жаловаться на кого-л кому-л

  • Ийэҕэр үҥүс.
  • Аҕата эрэйдээх баран уолу дьонугар үҥсүбүтүн: "Хара ыт, аны биһиги оҕобут аатын киртитэ сылдьаҕын дуо?" – диэн сирэйин таһыйан таһаарбыт этилэр.
    П. Ойуунускай
  • "Аҕаа, Сэмэн хааһыбын былдьаан сиир", – диэн үҥүстэ биир түөртээх уол.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Ася, учууталыгар үҥсээри гынан баран, хомойбут-абарбыт омунугар кыайан саҥарбакка, ытамньыйан, остуолугар умса түһэр
    Л. Габышев

2 туохтуур #

Суукка биэр, ким эмэ буруйун-сэмэтин суутунан дьүүллэтээри көрдөһүү сурук түһэр

Нууччалыы Подавать кого-л. в суд, подавать на кого-л. жалобу

  • "Атаҕастыыр-баттыыр буоллахтарына, батараак суутугар үҥүс, хайаан да көмүскүөхтэрэ", – диэтэ.
    П. Ойуунускай
  • Ол дьон бары айахтара кытарыа. Үҥсэн да турдахтарына да көҥүл.
    Болот Боотур
  • Букатын туох да буруйа суох дьону, сирэйэ-хараҕа суох баламаттык балыйан, сымыйанан үҥсэн хаайыыга түбэһиннэрэллэрэ
    С. Маисов

«Ү» буукуба