ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үүттээ

туохтуур

Нууччалыы забеливать чай молоком

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Үүтүнэн тумалаа, тупсар

Нууччалыы Забеливать чай молоком

  • Ууга кирпииччэ чайы кутаҥҥын, Халбыайбыт үүтүнэн үүттээҥҥит, Көмүрүө саахарынан саахардаан Дьаарыҥса бурдук лэппиэскэтинэн, Остолобуой арыгынан аһатыҥ.
    Саха фольк
  • Ээ, мин чэй хойуутун таптыыбын, сүөгэй чөчөгөйүнэн үүттээн иһээччибин
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Дьонтон үүт көрдөһөн ыл

Нууччалыы Просить от соседей молоко (напр., для забеливания чая)

  • Сарсын ыалга үүттүү барарга тиийиллэр
    Күндэ
II

3 туохтуур #

Туох эмэ тэрил (бүргэс, үттэ, сэбирилиэк, чүүччү о. д. а.) көмөтүнэн тугу эмэ дьөл, тэс, хайаҕас оҥор

Нууччалыы Сверлить, просверливать, прокалывать; долбить дыру, отверстие

  • Саһааннаах чүүччүтүн ылан үүттээбитинэн барда.
    Эрилик Эристиин
  • Сарай оһоҕоһугар илиинэн эргитэр үүттүүр станок турар, ол аттыгар, сиргэ уһанар кыстык, ол-бу массыына чаастара сыталлар
    С. Ефремов

4 туохтуур #

Сири дьөлө үүттээ (сир алын араҥаларыгар сиртэн хостонор туох туһалаах баай баарын билээри, булаары)

Нууччалыы Бурить землю вглубь

  • Бу диабаз таас хайаны бурильщиктар тобулу үүттээбиттэрин кэннэ взрывниктар кэлэн үлтү сууһараллар эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Буровой массыыналар таас чох кэлимсэтин, Дьөлө үүттээн, кыымнаах кыырпаҕынан бурҕайаллар
    Л. Попов

«Ү» буукуба