Перевод с якутского
үөл
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы нанизывать на рожон что-л. (мясо, рыбу), жарить таким образом на огне
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Үтэһэҕэ тугу эмэ (балыгы, эти) тис., оннук тиһэн уокка сырайан буһар, үт
Нууччалыы Нанизывать на рожон что-л. (мясо, рыбу), жарить таким образом на огне
Уолаттар күөнэх бөдөҥүн талан үөлбүтүнэн бардылар. Амма Аччыгыйа Икки үтэһэҕэ сыалаах эти толору үөлэн кэбистэ. И. Гоголев [Кутааҕа] чэй өрүннүбүт, алыһар уонна эт үөллүбүт И. Данилов
2 туохтуур #
Кими эмэ (хол., өстөөҕү) уһуктааҕынан батары, дьөлө ас, оннук анньан өлөр-өһөр
Нууччалыы Проткнуть, пронзить кого-л. (напр., врага) чем-л. острым, колющим, убить кого-л. таким образом
Икки саллаат биир саллааты икки өттүттэн өрө үөлэннэр уокка умса бырахпыттар.
П. ОйуунускайБу чолоҕор киһини үөлэн кэбиһээри гынна! Ити аата эриллэ хаппыт соҕотох муостаах саадьаҕай ынаҕын кытта этиһэр. Амма Аччыгыйа [Артем:] Ньиэмэс талаанньыттарын харса суох кыдый, өргөскө үөл В. Протодьяконов
3 даҕааһын #
Сүмэһинин сүтэрэн, хата-иинэ илик, инчэҕэй, сииктээх (хол., үүнэн турар эбэтэр саҥа охторуллубут мас)
Нууччалыы Не потерявший еще свежести, сырой, влажный (напр., растущее или свеже срубленное дерево)
Күөрэ-лаҥкы түһэн турар куруҥах мастары үрдүлэринэн үөл тииттэр үөһээ халлааҥҥа өрө өрөһөлөнөн тахсан тураллара.
КүндэКэрдиллибит бэрэбинэ төрдүгэр хатырык суллуур биилээх үөл титирик тоһоҕо туруору анньыллан турара.
Суорун ОмоллоонҮөл маска эрбии кыбытара сүрүн. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Куобах суорҕана үөл тирии курдук ыараата ХС
4 даҕааһын #
Эт аһылык (былыр таҥара итэҕэлинэн эти сиир көҥүллэнэр, пуоһа суох күннэргэ аһанар ас)
Нууччалыы Мясная пища (которую разрешали в не постные дни)
Үөлү сиир күн ПЭК СЯЯ
5 этии #
Нууччалыы Общее название нырковых уток
Этиилэр
Үөл кус
уу куһа (ууга уһуннук умсар, дириҥ ууга олохсуйар кус: орулуос, судьу (биргинэх), умсаах, анды о.
д. а.) Үөл кустар кэлбиттэр – сорох дьыл эрдэлиир эбиттэр. Күннүк Уурастыырап Олохтоохтор айдылаах үөл куһу эрэ бултууллара. ХС
Өссө холобурдар (1)
Күөлгэ үөл кус толору да ону отой ыппаттар. Көтө сылдьар бөдөҥ куһун талан бултууллар эбит. Дылбаны