Перевод с якутского
тис
туохтуур
Нууччалыы нанизывать; продевать
English to string, to thread
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы нанизывать; продевать
English to string, to thread
оҕуруота тис нанизать бусинуto string a bead сип гыммыты ситиигэ тиһэр что услышит, то и нанижетwhatever she hears, she will string
2 туохтуур #
Туох эмэ элбэҕи туохха эмэ (хол., сапка, быаҕа) бииргэ иҥиннэртээ, анньыталаа, баайталаа
Нууччалыы Нанизывать, насаживать что-л. на что-л
Оҕуруону тис. Уолларыгар анаан собо тылын синньигэс үтэһэҕэ тиһэн хатараллар. И. Гоголев Балыктарын хайыыларыттан талах лабаатыгар тистэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Тоҥус кыыһа моонньугар тула икки хос таас хоруоҥканы сапка тиспитин кэтэн тахсан кэллэ Н. Павлов
3 туохтуур #
Туохха эмэ хайаҕастарынан, үүттэринэн быаны уган аһаҕаһын (хол., хааһах айаҕын) ыга тарт, баай
Нууччалыы Стягивать что-л. продевая через отверстия или петли верёвки, шнурок (напр., большой мешок, рюкзак), шнуровать
Ньукулай киппииһин үс муоһун төттөрү уган сыматын тиһэр.
КүндэУолаттар Суут Албыны [киһи аата] хааһахха уган тиһэн баран, соһон илдьэ бардылар.
Суорун ОмоллоонБөтүрүүскэ түүлээҕи хааһаҕар сааһылаан, быатын тиһэ олордо Кыым
4 туохтуур #
Ханнык эрэ түгэни, кэрэ көстүүнү ойуулаан хоһуйаары тыллары талан, ханыылыы наардаа
Нууччалыы Подбирать слова в эстетически стройный ряд, художественно изображая, описывая то или иное явление
Эгэлгэ тылларбын тиһэммин, Эйиэхэ ырыабын аныаҕым. Күннүк Уурастыырап "Аҕам уус тылынан тиһэн этэрэ эбээт", – диэтэ Толбооноп оҕонньор. М. Доҕордуурап Халлаан уоттаах сулуһун Ырыабытыгар тиспиппит Н. Босиков
Өссө холобурдар (2)
Тугу эмэ кэрэхсээн, сэҥээрэн истибити, билбити-көрбүтү түмэн, мунньан, сурунан ис, бэлиэтэн. Θ Перекладывать на бумагу, записывать что-л. интересное, запоминающееся. [Мунньахха] Айымньылар ааттарын Испииһэктээн тистилэр. Күннүк Уурастыырап [Кириллин кэпсээнин] Кэнчээри ыччаппар анаабыт Кинигэбэр тистим, ааҕыҥ! К. Туйаарыскай
5 туохтуур #
Ким эмэ туһунан хобу-сиби хомуй
Нууччалыы Собирать сплетни, толки о ком-л
Кистии саба Кэпсээн оҥостоору Холбуу тиһэн Хобулуу түһээри Хаҥхалай торбос сонун Хообоччу кэтэн кэбистэ. П. Ядрихинскай Бу эйиэхэ дьыала бөҕө тэриллибит. Били "атаһыҥ" Егоров оҕонньор тиспит.
Н. ЛугиновАрай сороҕор хомотор миигин Ким эрэ мэник тыла Эн билиҥҥи олоҕуҥ туһунан Холустук холуннара кэпсиирэ, – Буруйгун, алҕаскын тиһэрэ Н. Харлампьева
6 этии #
Этиилэр
Сип гыммыты ситиигэ тиһэр, көр сип гын
Сип гыммыты Ситиигэ тиһэ сылдьан, Ситэрэн сэһэргээн сэргэҕэлэтэр.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСр. др. -тюрк. тиз, тат. тезү, алт. тис, хак. чис ʻнанизыватьʼ
7 #
тыаһы үт. т. Чиҥ соҕус туох эмэ кытаанахха күүскэ охсулларын тыаһа
Нууччалыы Подражание звуку сильного удара чего-л. плотного о что-л. твёрдое
Тюрк. тис