ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөстээ

туохтуур

Нууччалыы удалять желчный пузырь

I

1 туохтуур #

Собону буһарарга үөһүн ыл

Нууччалыы Удалять желчный пузырь (у рыбы)

  • Тыы биттэҕин анныгар бөдөҥ, эмис соболор сыталлара. Булчуттар улаханын талан хатырыктаан, үөстээн күөстэригэр укпуттара.
    Далан
  • Тыаһыт олус имигэстик соболорун хатырыктыы, үөстүү охсон, үөлэн лаһыгыратан кэбистэ.
    И. Гоголев
  • Оҕонньор чох тахсыар диэри соботун хатырыктаан, үөстээн, былырыын суулаан маска кыбыппыт үтэһэтигэр үөлэн кэбистэ
    ХС
II

2 туохтуур #

Үөс диэки киир (хол., устан)

Нууччалыы Направляться, плыть к середине, на середину (водоема)

  • Кустар үөстээбиттэр.
  • Кусчуттар үөстээн киирэннэр, сүүрүгү утары үөр ээбиллэлэргэ утары көтүтэллэр. Булчуттарга к
III

3 туохтуур #

Кими-, тугу эмэ өлөр-өһөр, суох гын

Нууччалыы Прекратить существование кого-, чего-л., уничтожать

  • Сэриигэ силлиэҕэ, Сибиниэс ардаҕар, Өлбөккө-өспөккө, Өстөөҕү үөстүүргэ Бэлэм буол!
    Т. Сметанин
  • Абарбыт санааҕын дуоһута, өстөөххүн үөстүөххэр – илииҥ кылгас. А. Гайдар (тылб.)

«Ү» буукуба