Перевод с якутского
үөт
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы ворковать
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Эт, саҥар (өтөнү этэргэ)
Нууччалыы Ворковать (о диких голубях)
Биһиги да алааспытыгар өтөн үөтүө, кэҕэ этиэ, күөрэгэй ыллыа (өс хоһ.). Үрэх түбэтин диэкиттэн өтөн үөтэр бүтэҥи куолаһа ортолуу тардан иһэн бөтө бэрдэрэр. В. Федоров Сайыҥҥы күөх сарсыарда Куула аайы кэҕэ этэр, Суон үөттэргэ өтөн үөтэр И. Гоголев
2 туохтуур #
Ааспыты, былыр үйэтинээҕини аҕын, саҥалыы эргитэн кэпсэт
Нууччалыы Ворошить прошлое
Үтүөнү оҥорор үчүгэйин Үлүһүйэн туран үөтүө. Күннүк Уурастыырап Кинилэр, дьиэ эргиннээҕини үөтэ-үөтэ, аһаан-сиэн туунайдаан испиттэрэ. Р. Баҕатаайыскай Өр да өр олорон чэйдиэхпит, Үгүһү, быданы үөтэммит Урсун
3 туохтуур #
Урут өлбүт өбүгэлэр үөрдэрин (дууһаларын, куттарын) ыҥырдаҕым диэн кинилэр ааттарын ааттаа (ордук ойууҥҥа, удаҕаҥҥа туттуллар)
Нууччалыы Заклинать именем предков, взывать к предкам, духам (о шамане)
Туох диэн эттэ диэтэххинэ, Мин эһигини тугум диэн кэҥийбитимий. – Үөһээ дойдуга үүрүллэр күммэр Үөтэр күнүм буолла. Саха фольк Тоҕус улуу Ойуун киһи Туойан чопчуруйдулар, Кыыран чыҥыйдлар, Алҕаан аарыгырдылар, Кэнийэн киирдилэр, Үөтэн түстүлэр. Күннүк Уурастыырап Үөһээ уолун Өлөрө охсон, Аҕаскын Айыы Дьаргыл удаҕаны ыҥыран, Үөтэн, алҕатан Үөһээ дойдуга Үтэттэрэн кэбис! С. Васильев
4 аат тыл #
Имигэс лабаалардаах, синньигэс сэбирдэхтэрдээх, сутука хатырыктаах мас эбэтэр сэппэрээк
Нууччалыы Кустарник или дерево с гибкими ветвями и узкими листьями, ива
Тыа саҕатынааҕы үөттэр быыстарынан туох эрэ суола орҕочуйан барбыт. Амма Аччыгыйа Оҕолор ханан баҕарар киэҥник атыллаан туоруур үрүйэлэрэ үөттэри быыһынан кылыгырайа устар. П. Аввакумов Өлүөнэ өрүһү таҥнары өҥөйөн Өрүтэ будуллар долгунун көрбүтүм. Будьурхай баттахтаах үөттэргэ өйөнөн Буурҕалаах түүннэри мин эмиэ өйдүүрүм П. Тулааһынап
5 этии #
Этиилэр
Үөт чыычааҕа көр талах чыычааҕа
Ити, күөлгэ иэҕэйэ үүммүт иирэҕэ, үөт чыычаахтара бырдаҕы ытыра-ытыра эккирэтиһэ оонньууллар. Н. Павлов