ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өркөн

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы прядь солнечных лучей

English victorious, invincible

1 аат тыл #

, фольк. Күн сардаҥата (былыт быыһынан тыкпыт сүүмэҕэ)

Нууччалыы Прядь солнечных лучей (выступившая из-под облаков)

  • Үрүҥ күн өркөнүн Тутуһар баҕатыгар, Киэҥ сир кэскилигэр Кэрэлэһэр наадатыгар – Баттыгас бөҕөнү кытта баайыста, Үктэбил бөҕөнү Кытта өрөлөстө.
    С. Зверев
  • Биһиэхэ баар ордук бары күүстэн Барыгы кыйдыыр күн өркөнө, Халыан кутааҕа хас да сүүстэ Хатарыллыбыта өр кини
    И. Эртюков

2 этии #

Нууччалыы Люди среднего мира (земляне), божьи родственники, якуты

  • Күн өркөн улууһа (дьоно) фольк. - орто дойду (сир) дьоно, айыы аймаҕа, сахалар Ити кэннэ хойутун хойукка диэри айыы аймаҕын, күн өркөн улууһун өлөрө-алдьата, ытата-соҥото, иэтэ-туота сылдьар буолаайаҕын. Ньургун Боотур. Көмүскэс санаалаах Күн өркөн дьонноро, Урааҥхай саха удьуордара, Самаан сайын салаллыыта, үкэр куйаас түһүүтэ, Унаар түптэни уһаттыбыт, Тоҕойдоох сэлэни туругуртубут. Саха нар. ыр. II. Өркөн өй - сытыы, чаҕылхай уонна сайаҕас, түргэнник ылынар кыахтаах өй. Θ Яркий, светлый, острый, проницательный ум. Оо! Ол эрээри киһи барахсан - Айылҕа өлбөт өйө, таҥарата - Ханнык да ыартан кыайыылаах тахсар Киһи өркөн өйө, модун санаата.
    С. Данилов
  • Улуу Кудаҥса диэн балысхан баайдаах, бардам быһыылаах, өркөн өйдөөх, модун санаалаах, саха саара, киһи кинээһэ киһи олорон ааспыта эбитэ үһү.
    Г. Угаров
  • Ср. тюрк. үркэн, үргэн ‘искра’

«Ө» буукуба