Перевод с якутского
өрүкүт
туохтуур
Нууччалыы взвихривать, поднимать клубами
1 туохтуур #
Өрө бурҕатан таһаар, холоруктуу ытый (буору, буруону, хаары о. д. а. этэргэ)
Нууччалыы Взвихривать, поднимать клубами (о пыли, дыме, снеге)
Сылгылар хаһыҥырыы үргэннэр - Харахтарын тиэрэ көрөн, Хантаһыйа илгистэн, Хаары өрүкүтэн Хара тыаҕа ыстаннылар. Күннүк Уурастыырап Биһиги тааҥкаларбыт ыта-ыта, хара күдэни өрүкүтэн, баран испиттэрэ ССС
2 туохтуур #
Тэлимнэт, тэлимнэтэ хамсат (хол., сылгы сиэлин)
Нууччалыы Вздымать, развевать по ветру (напр., густую лошадиную гриву)
Ат сылгы барахсан, Уһун субурҕа кутуругун субурутан, Өрүү көмүс көҕүлүн өрүкүтэн кэллэ. П. Ядрихинскай Хойуу куударалаах баттаҕын сиккиэр тыал өрүкүтэр М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Олус күүркэт, күүрт, долгут
Нууччалыы Сильно возбуждать, волновать
Буолаары турар мүччүргэннээх тыҥааһыннар бу күннэргэ дьон өйүн-санаатын барытын өрүкүттүлэр. Болот Боотур Миигин биллибэт дьылҕам саргыта Угуйан сүрэхпин өрүкүтэр И. Чаҕылҕан