ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өттүнэн

Нууччалыы употребляется при обозначении предмета, который уточняет, ограничивает область совершения действия (по, в отношении, от…

Ис хоһооно · 4

1 #

дьөһ

  • Оччоҕо [өҥ дьылга] кыһын кыһалҕатын ас, таҥас өттүнэн билбэккэ аһараллара.
    Н. Якутскай
  • Иккиһинэн, Дьэкиим –баай. Ити өттүнэн Болот кинини эмиэ билэр курдук саныыра, ол ситэтэ суох эбит.
    Н. Заболоцкай
  • Максим сэмэйэ бэрт. Сорохтор курдук киэбирбэт киһи. Ити үчүгэй. Ити өттүнэн Айдаар баар ээ, кини саҕа киһи суох, кини өйдүүрүн өйдүүр эмиэ суох
    Н. Лугинов

2 #

Хайааһын оҥоһуллар эйгэтин чопчулаан-хаарчахтаан көрдөрөр предмети бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, который уточняет, ограничивает область совершения действия (по, в отношении, относительно)

3 #

Туох эмэ бэлиэтин эбэтэр хайааһыны хайа эрэ өттүнэн хаарчахтаан-чопчулаан биэрэр предмети бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, который в каком-л. отношении ограничивает, уточняет признак или процесс (по, по части)

  • Абаҕыыныскай айар үлэтин маҥнайгы сүһүөх кэмигэр суруйталаабыт ырыаларын-хоһооннорун аахтахха, олор уус-уран форма өттүнэн үгүс өрүттээхтэрэ харахха чуо быраҕыллара. Софр. Данилов. Сөп ээ, кэнэҕэски дьиҥнээх архитектура дьону кэрэҕэ тардыһыннарыахтаах, дууһа өттүнэн ыраас, дириҥ буоларга угуйуохтаах.
    Н. Лугинов
  • Октябрина Николаевна, эн үөрэх, билии-көрүү өттүнэн толору бэлэмнээх киһигин.
    М. Попов
  • Эт-хаан өттүнэн эрчиллии, үлэҕэ, булка үөрүйэх буолуу киһи үйэтин уһаталлар
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
  • Бу суолтаҕа үгүстүк нууччалыыттан киирии даҕааһыннары кытта туттуллар. Θ В этом значении употребляется чаще всего с заимствованными из русского языка прилагательными (в каком-л. отношении). Научнай уонна политическай өттүнэн мөлтөх сайдыылаах киһи.
    Амма Аччыгыйа
  • Байыаннай өттүнэн куттал өссө күүһүрдэ
    Кыым

4 #

Хайааһын хайдах оҥоһулларын бэлиэтиир ааты кытта туттуллан буолуу сыһыанын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает отношения образа и способа действия, употребляясь при обозначении предмета, который характеризует это действие (по)

  • Былааһы норуокка эһиги [баайдар] көҥүл өттүгүтүнэн биэрбэт буоллаххытына, эһиэхэ бэйэҕитигэр куһаҕан буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Пограничнай сулууспаҕа баҕа өттүнэн кэлэргэр чэпчэки үлэ буолуо дии санаабытыҥ чахчы.
    Н. Якутскай
  • [Баайдар] үчүгэй чараҥнары солотоннор, ыраас толооннору тиэрдэрэн, ким да дойдутун иитигэр буолбутун иһин, күүс өттүлэринэн киирэн, дойду, бурдук сирэ гынар этилэр
    Эрилик Эристиин

«Ө» буукуба