ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өтөх

аат тыл

Нууччалыы место, где ранее была усадьба, стоял дом

English farm

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Урут дьиэ турбутун, ыал олорбутун бэлиэлэрэ баар сирэ

Нууччалыы Место, где ранее была усадьба, стоял дом

  • Кыараҕас алаас халдьаайытыгар өбүгэлэрбит былыргы өтөхтөрүн оннугар от наһаа үүммүт, үүнэ сатаан баран сыппыт.
    Далан
  • Саас тухары, биир-икки да буоллар, ыал олохсуйан олорбут сирэ иччитэхсийэн, өтөх буолан күөрэ-лаҥкы түһэн хааларын көрүөххэ да сүрэ бэрт
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

Быраҕыллыбыт, киһи олорбот буолбут дьиэтэ, уһаайбата

Нууччалыы Заброшенное жилье, заброшенная старинная усадьба

  • Бу манан, куһаҕан баҕайы былыргы өтөх кэтэҕинээҕи толоон арҕаа саҕатынан биэс таба сылдьыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Өтөҕү көрөн, эн өйдүөҥ, билиэҥ: баай биитэр дьадаҥы ыал дьоллоохтук дуу, сордоохтук дуу олорон ааспытын.
    Л. Попов
  • Сайыҥҥы куйаастан, күлүмэнтэн сылгы, ынах-сүөһү манна сөрүүкүү киирэр, мунньустар эбит, – өтөх иһигэр эргэ кии толору
    Н. Якутскай

3 аат тыл #

Кыһын олорор дьиэ, кыстык, кыһыҥҥы уһаайба

Нууччалыы Зимнее жилье, зимняя усадьба

  • Үргүлдьү өтөхтөөх, Тилиһэ тиэргэннээх, Булкуһа буруолаах Уолан киһи баар эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Өрүүскэ:] Хайа, оҕонньор, бу ханна тиэтэйдиҥ? [Таллаайап Сэмэн:] Дьиэбэр. Өтөҕүм оҕуруотун оҥоруом.
    Күндэ
  • Үлэ-хамнас үлүскэнэ Үмүрүйэ түмүктэнэр; Өтөх ыалын буруолара Үөлэстэринэн үрдээн көстөр. Өҥнөөх-тоттоох күһүнэ Үүнэн кэлэн истэҕэ
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Төрөөбүт-үөскээбит сир. Θ Родные места, родные края. Өргөстөн чаҕыйан өтөҕөр кэхтибит, Өрдүнэн оонньообут өстөөҕү ирдиибит
    А. Абаҕыыныскай

4 этии #

Нууччалыы Тот, кто никогда не выезжал за пределы своей местности, не отлучался от родных мест

Этиилэр

Үчүгэй, үөрэт, бил барытын,

Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх! Ааспыт олох суолларын ырытан, Аныгы да ыччат билиэхтээх. Л. Попов. Өтөхтөрүн хаардаабыт - урукку таптыыр киһигин эбэтэр көссүүгүн кытта эмиэ булус.

Возобновлять, восстанавливать былые любовные связи (букв. очистил от снега зимнее жилье).

  • Кинилэр өтөхтөрүн хаардаабыттар

5 этии #

Өтөх тэллэйэ бот. - өтөх сиргэ үүнэр бороҥнуҥу маҥан өҥнөөх тэллэй Атаҕын анныгар, онон-манан, өтөх тэллэйдэрэ сымыыт курдук туналыһа сыталлара. В. Гаврильева. Ср. монг. отог ‘огнище’, тур. отак ‘хата, кибитка’

Нууччалыы Гриб белого цвета, растущий в заброшенных местах

«Ө» буукуба