Перевод с якутского
өһөх
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы сгустки крови, которую отстаивали в течении суток в сосуде
English blood clot
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Иһиккэ кутуллубут хаан нөҥүө күнүгэр хойдубута, бөлөх-бөлөх кытааппыта (ону баһан быраҕан баран, убаҕас өттүнэн хаан куталлар)
Нууччалыы Сгустки крови, которую отстаивали в течении суток в сосуде (сгустки убираются, а остальное используют для изготовления кровяной колбасы)
Хахай кыыл хайҕахтаах быарын Хааныгар хатарыллыбыт, Өлүү дьирибинэй балык Өһөҕөр уһаарыллыбыт батас
П. ОйуунускайБөлөнөҕүрбүт хаан (кумалаан уонна олус дьадаҥы сахалар астара). Θ Сгустки крови (пища нищих и самых бедных). Өһөҕүнэн өллөннө, Хаанынан тамахтанна, Сиэҥин сиэтэ, Сиэхсит сирэйдэннэ А. Софронов
2 аат тыл #
Хара санаа, өһөс санаа
Нууччалыы Тёмные мысли; упрямство
Арай, арай Тардар тымырым намтыырын саҕана, Өрүкүйэр өһөҕүм сөрүүкүүрүн саҕана, Оччоҕо арай эйиэхэ Бас бэринээ инибин.
Өксөкүлээх ӨлөксөйКүүгэн Аллаарап Көхсө аччыыр, Өһөҕө буһар, үөһэ туолар П. Тобуруокап Халлааҥҥа өһөх хара буруо өрүкүйэн таҕыста. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Ньиэп умайан киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа өһөх буруотун дэбилиппитинэн барда Амма Аччыгыйа
3 аат тыл #
Уу түгэҕинээҕи бадараан, дьэбэрэ
Нууччалыы Тина. Өлүөнэ өрүс өһөҕөр Дьөлө дьуоҕара сытар Дьуос дьаакыр тыҥыраҕын төлөрүтүннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
4 даҕааһын #
суолт. Кыһыллыҥы хара өҥнөөх
Нууччалыы Тёмно-красный (о цвете дыма)
5 этии #
Өһөх санаа - өһөх 1 2 диэн курдук. Өһөх санаа Өрүү өһүө. Эллэй. Ср. монг. өсөг, өтөг ‘гуща’