Перевод с якутского
күүс
аат тыл
Нууччалыы физическая сила
English force, strength
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Киһи эбэтэр атын хамсыыр харамай быччыҥын күүрүүтүнэн туох эмэ хайааһыны, хамсааһыны оҥорор кыаҕа
Нууччалыы Физическая сила
Атах күүһэ. Илии күүһэ. Үлэлиэх күүс да эһиннэ. Амма Аччыгыйа Дьахтар этэ-хаана оонньоон, эдэр киһи илиитин күүһүн, түөһүн итиитин билэн, моонньуттан кууһан ылла. Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
Күүс, сылба быһынна. Көҕүс тыаһа тыаһаата ХС
2 аат тыл #
физ. Эттиктэр хардарыта дьайсыыларын түмүгүн көрдөрөр кэриҥ; айылҕаҕа баар киһи көрөр-билэр эттиктэрин хамсатар дьайыы
Нууччалыы Величина, являющаяся мерой механического воздействия тел; энергия воздействующая на материальные тела
Тыал күүһэ. Күн уотун күүһэ. Биир эттик атын эттик ньуурун устун хамсыырыгар мэһэйдиир күүһү аалсыы күүһэ диэн ааттанар. ПАВ Ф-6. Буруус мас биир тэҥник хамсыыр түбэлтэтигэр тардыы күүһэ аалсыы күүһүгэр тэҥ буолар ПАВ Ф-6
3 аат тыл #
Сабыдыал, модун кыах, былаас
Нууччалыы Влияние, могущество, власть
Тыл иччитин, тыл күүһүн итэҕэйииттэн ситимнээн алгыһы кытта сэргэ "кырыыс" үөскээбитэ. Саха фольк Сахалыы уус тыл күүһүнэн норуот дьүһүннүүр, ойуулуур ньымаларын сатабыллаахтык туттан үлэлиэххэ. С. Зверев Өлбүтүм да иһин Тыл күүһэ тириэриэ, Үйэлээх кэриэһим Тыыннаахпын биллэриэ А. Абаҕыыныскай
4 аат тыл #
Биир сыаллаах-соруктаах биир бэлиэнэн уратыланар дьон бөлөҕө
Нууччалыы Общественная группа, общественный слой, а также вообще люди, обладающие какими-л. характерными для них признаками
Биһиги батталлаах биистэрин баранар күүстэрин быһабыт. Күннүк Уурастыырап Бу миитиҥҥэ тэриллибит параакка Кыһыл гвардия күүстэрин көрүнүүтэ буолла. Д. Токоосоп Биһиги бүтүн Аан дойду революционнай күүстэрин кытта бойобуой сойуустаһыыбыт бөҕөргөөн иһэр. "Кыым". Тюрк. күч
5 этии #
Нууччалыы Выше сил, за пределами возможностей
Күүс (күүһү) таһынан - кыаллыбат, кыайар кыах суох, кыаҕы таһынан Күүһү таһынан үлэ буолла. Күүһүн өһүл - күүһүн эс; сэниэтэ суох гын. Θ Измотать; изнурить. Кыргыһыыга өстөөх күүһүн өһүл. Ол хараҥаны кытта киһи күүһэ өһүллэн, өйө-санаата кылгаан-сабыллан барыахха айылаах да, дьон үлэлиир, бултуур. А. Сыромятникова Күүһүн тоһут - өрүттүбэт гына үлтү кумалаа, самнар, үлтүрүт. Θ Смять, сокрушить, разгромить (противника). Тура күүһүнэн - дьиҥ күүһүнэн. Θ По физической силе, возможностям. Уруккуттан тура күүһүнэн Дьахтарга баһыйтарар Сураҕа иһиллибэт этэ. Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (3)
Хара күүһүнэн - 1) кими да истибэккэ, сорунан туран олус баҕаран туран. Θ Никого не слушаясь, несмотря ни на что, не обращая ни на кого-что-л. внимания. Мөккүһэн баран, кими да истибэккэ, хара күүһүнэн эппитин этэ олордо. Кини сорох хоро салаҥ суруйааччылар курдук айылҕа көстүүлэрин персонажтарын сол кэмҥэ, сол түгэҥҥэ тугу саныылларын, -- кытта хара күүһүнэн дьүөрэлии, сөп түбэһиннэрэ сатаабат. Эрчимэн. Харытын күүһүнэн - бэйэтин дьүккүөрдээх үлэтинэн. Θ Своим напряженным трудом. Киһи-аймах харытын күүһүнэн кыайтарбаты кыайар, хотторботу хотор. П. Аввакумов Ынах диэн кыра суол, холобура, ынахпын да ыллахтарына, тыыннаах буоллахпына, бу харым күүһүнэн биир ынаҕы булар оҕонньорбун. С. Ефремов
6 этии #
Нууччалыы Трапециевидная мышца
Күүс быччыҥ - эҥил бас быччыҥа Күүс иһинэн - хайдах баҕарар кыаллар, кыаҕы иһинэн. Θ По силам, по возможностям. Күүс өттүнэн - сөбүлэспэтин үрдүнэн күүһү туттан туран. Θ Силой, против воли, насильственно. Маняны мин эйигиттэн күүс өттүбүнэн былдьаан ылбатаҕым ээ. С. Ефремов Күүс өттүнэн уонна мындыр өйүнэн кини [Хаммурапи] Междуречьены бүтүннүүтүн сэриилээн ылбыта. КФП БАаДИ. Күүстэрин холоһоллор - ким күүстээҕин тургутуһан көрөллөр. Θ Меряться силами. Ити кэнниттэн "саха оонньуута" буолан, харах симсэллэр, мас тардыһаллар, сымсаларын, күүстэрин холоһоллор. Амма Аччыгыйа Алеха кини диэки көрбөт. Билсэллэр. Күүстэрин кытта холоһон тураллар. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (6)
Күүс үлэтэ - үксүн көтөҕөр-сүгэр үлэ; быччыҥ үлэтэ. Θ Физическая работа. Оо, нокойуом, ыраас салгыҥҥа, айылҕаҕа сылдьан күүс үлэни үлэлиир үчүгэй да буоллаҕа! Э. Соколов [Эмээхсин] кыыһа күүс үлэҕэ сыратын эһэрин сэмэлии сатыыр да, эдэр эт-хаан истиэх бэйэлээх буолбатах. У. Нуолур Күүһүн холонор - туохха эмэ бэйэтин кыаҕын боруобалаан көрөр. Θ Пробовать свои силы. [Уол] бэйэтэ от охсуутугар күүһүн холонор санаалаах. А. Сыромятникова Эдэрдэр күүстэрин холоноллор, атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, ат сүүрдэллэр. И. Данилов Ат күүһэ - ханнык эрэ хаамар, сүүрэр тиэхиньикэ кыамтатын быһаарар кээмэй. Θ Лошадиная сила (единица измерения мощности двигателя, дизеля и т. п.). Аллараа күөл кытыытыгар сүүрбэ биэс ат күүһэ күүстээх локомобиль көстөр. Н. Заболоцкай Оттон билигин Ленинскэй оройуоҥҥа уон биэс ат күүһэ күүстээх үс сүүс уон тоҕус тыраахтар баар. П. Егоров