Перевод с якутского
түҥ
даҕааһын
Нууччалыы совершенно т¸мный, беспросветный, непроглядный
English dark
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Туох да сырдык көстүбэт, бүтэй хараҥа
Нууччалыы Совершенно т¸мный, беспросветный, непроглядный (о тьме, ночи)
Түҥ хараҥа. Түҥ түүн. Сотору түҥ хараҥа буолла. Амма Аччыгыйа Түҥ түүн илин эҥээртэн хотой кыыл курдук сабырыйа күөнтүү көтөн кэллэ.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
Түлүк бараан түүн ийэ Түҥ хара сабыытын Аргыый аҕай түүрэн Арҕаа саҕахха түһэрдэ С. Васильев Хойуу буолан күн аанньа көрбөт, хараҥа (тыаны этэргэ). Θ Тёмный, дремучий (о лесе). Түҥ хара тыаны бүрүммүт Амма улаҕатыттан бөрөлөр улуһан онолуһар саҥаларын дуораана иһиллитэлээн ылар. Р. Кулаковскай Түҥ тыа, суолбут айан суолугар киирэр чинчитэ ырааттахпыт аайы мэлийэн истэ, өссө уҥа диэки иэҕиллэн түҥ ойуур диэки түһэ турда ХС
2 этии #
Нууччалыы Глухая ночь
Этиилэр
Түҥ бараан түүн
хабыс-хараҥа түүн Түбэ тыаҕа түҥ бараан Түүммүт түһэн налыйда.
Көмүс кыымын ыһыахтаан, Кутаа үөһэ умайда. М. Ефимов
Түҥ бүтэй
сайдыыта суох, түҥкэтэх (киһи); олус хаалыылаах, хараҥа (олох).
Отсталый, забитый (о человеке); тёмный, неразвитый (о жизни).
Кыыча бу түҥ бүтэй хараҥа олоҕор сатаатар биир үтүө дьыаланы оҥоруо этэ. Софр. Данилов. Кырдьан хаалбыт кулуба, тугу да билбэт түҥ бүтэй күтүр туох үчүгэйдээх буолуой? А. Сыромятникова Биир үйэ чиэппэрин иһигэр Мин Сахам сирин түҥ бүтэй түгэҕэр Хайдахтык олохпут сайынна?! Дьуон Дьаҥылы. Түҥ хааһах кэпс. – аһара кэнэн, түҥкэтэх киһи. Невежественный, тёмный, отсталый человек.
Биһиги курдук түҥ хааһах буолуохтара дуо
бу билбиттэрэ-көрбүттэрэ эчи элбэҕин.
"Тугу да сатаабат түҥ хааһах киһи ханна даҕаны ыт курдук көрүллээччи", – диэн тойон кэпсээн барда. Эрилик Эристиин
3 этии #
Нууччалыы Незапамятный, глубокой древности
Түҥ былыргы (былыр) кэпс. – төрүт былыргы (былыр), үйэлэр улаҕаларынааҕы Ичээн этим-сииним били Түҥ былыргы үйэлэр түгэхтэриттэн Иҥэн кэлбит итэҕэли Өйбөр соҥнуур дуо, тириэрэн? В. Миронов Суруналыыс үлэтэ аан дойду бэйэтин курдук түҥ былыргы. "Кыым". Бу кыыл түҥ былыр өлбүт. П. Ламутскай Ср. ДТС түм ʽгустой’, туркм. гүм ʽмгла; мрак, тьма, темнота’
4 #
тыаһы үт. т. Саа эстэр тыаһа
Нууччалыы Подражание звуку выстрела
Шагуров эписиэргэ "түҥ!" диэн хаһыытаата. Т. Сметанин Дьэ, кырдьык, "түҥ!" дэспэккэ улааппыт уол оҕо суох буолуо дии саныыбын. П. Аввакумов Ср. кирг. дүҥ ʽсильный, глухой, отрывистый звук’