Перевод с якутского
ыа
туохтуур
Нууччалыы доить
English to milk
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы доить
English to milk
ынахта ыа доить коровуto milk a cow
2 туохтуур #
Нууччалыы нереститься
English to spawn
Собо ыан эрэр. Карпы начинают нереститься.The carps start to spawn.
3 туохтуур #
Ийэ сүөһү (хол., ынах, биэ) эмиийдэрин тардыалаан, үүтүн ыган сүүрт
Нууччалыы Доить, выдаивать (напр., корову, кобылу)
Дьахталлар ынахтарын ыан бүтэрэн, ньирэйдэрин холкуос күрүөтүгэр ыыталыыллар. Амма Аччыгыйа Маайыс -- сылбырҕатык олоро түһээт, биэҕэ сыстан, имигэстик туттан-хаптан ыабытынан барда. В. Протодьяконов Табаны ыан турдурҕатан киллэрэн, кырса оҕотугар үүт иһэрдибиттэр. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. саҕ, алт., кирг. саа, чув. су, бур. һааха ‘доить’
4 туохтуур #
Ууһуур кэмигэр искэҕин таһаарар (балыгы этэргэ)
Нууччалыы Метать икру, нереститься
Үрэхтэргэ, үрүйэлэргэ, күөллэргэ балык ыыр. Н. Якутскай Ону сэргэ собо, мунду үгүөрүтүк үөскүүр, тыымпытыгар тыыраахы сымыыттыыр, көҥүһүгэр күөнэх ыыр. ПАК СБМ. Собо саас кытылга тахсан сылаас ууга ыыр. ПНИ ЭД
5 этии #
Этиилэр
Балык ыыр ыйа
ыам ыйа диэн курдук (көр ый II).
Уол балык ыыр ыйын саҕана тиийэн кэлбитэ