Перевод с якутского
үҥк
туохтуур
Нууччалыы обращаться мольбами, с просьбой к богу, к небесам. [Баһылай чааскылаах чэйин кириэстии охсон баран иһэр:] Бүгүн аанньа таҥарабыттан көрдөһөн үҥүмүнэбин, барым-барыта ыарыйда
English (religion) to pray, to worship
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Мэлииппэ ааҕан таҥараттан тугу эмэ көрдөс, ааттас
Нууччалыы Обращаться мольбами, с просьбой к богу, к небесам. [Баһылай чааскылаах чэйин кириэстии охсон баран иһэр:] Бүгүн аанньа таҥарабыттан көрдөһөн үҥүмүнэбин, барым-барыта ыарыйда
Бэйэтэ судаарыскай аҥаардаах киһи, таҥараҕа да үҥпэт, тойоту да ытыктаабат. Н. Неустроев Билигин, улаатан, дьонун ааҕы кытта бииргэ таҥараҕа үҥэр, таҥараҕа тиксиһэр буолбута Н. Якутскай
2 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ аһары сүгүрүй, таҥара курдук көр
Нууччалыы Поклоняться кому-л., боготворить кого-что-н. [Бүөтүр:] Кинини букатын таҥара гынан үҥэрбит хаалбыт дии, туохха тиэрдэллэр
Санаан бүтэн бараммыт, Саарыыр диэни билбэппит, Ордук-хоһу арбаммаппыт, Ол-бу дьоҥҥо үҥпэппит. Күннүк Уурастыырап Махтанабын үөрбүт-көппүт, Хомойбут да хонуктарбар, Арыт үҥпүт, арыт мөхпүт Мин таптаабыт хотуттарбар С. Данилов
3 туохтуур #
Ким эмэ буруйун, итэҕэһин, ордук-хоһу туттуутун арыйар суругу сууттарга түһэр
Нууччалыы Жаловаться, подавать в суды жалобу на кого-л. [Ньукулай:] Арай мин солунум диэн аҕам оҕонньор миигин үҥэн нэһилиэги иирдэн эрэр, бүгүн дьүүллүүр күннэрэ
[Саха:] Кырдьаҕас, түксү, солуута суоҕу баллыгыраама. Көр, бу киһи эйигин үҥэр. Н. Неустроев [Бүөтүр:] Киһини, үҥэ сорунан баран, түбэһиннэрэрдии үҥэр куолу Амма Аччыгыйа
4 этии #
Нууччалыы Степенный, сдержанный, добропорядочный человек
Этиилэр
Атаҕар үҥк көр атах
Бодойбоҕо -- саахта үлэтигэр сылдьыбыта. Бу сылдьан өйө-санаата кубулуйбут курдук, баай атаҕар үҥэрэ уурайбыт. Эрилик Эристиин Ытыгылаан "Эһэкээн", "Тыатааҕы" диэн ааттыыллара. Көрсөн баран, сөһүргэстээн Син атаҕар үҥпэттэрэ. И. Гоголев
Үҥэр таҥаралаах, үҥсэр сууттаах киһи
дьоһуннаах, бэрээдэктээх киһи, сиэри, сууту-сокуону билэр киһи Ханнык баҕарар көннөрү киһи курдук буолбатах, үҥэр таҥаралаах, үҥсэр сууттаах киһи буолуо.
Үҥэр таҥара оҥоһун көр таҥара
[Бүөтүр:] Оттон нуучча омук тапталы бэрт үчүгэйдик өйдүүр, кинилэр тапталы таҥара оҥостон үҥэллэр. А. Софронов Мин үйэм-сааһым тухары тапталы эрэ үҥэр таҥара оҥостуом.
Н. Лугинов
Үҥэр таҥарата көр таҥара
Үҥэр таҥарата өһүргэннэ, Тойон таҥарата хоргутта, Айыы таҥарата абарда.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСаха дьонум үҥэр таҥарата - үлэ. Хомус У
5 туохтуур #
Кэйиэх курдук муоскун утары тоһуй (үксүгэр ынах туһунан этэргэ)
Нууччалыы Угрожающе выставлять свои рога, бодаться (обычно о корове)
Бу ынах муоһун үҥэ сылдьааччы
6 этии #
Нууччалыы Мой надежный человек, выполняющий ответственные задания (так говорил господин о своем верном слуге)
Этиилэр
Үҥэр муос, тэбэр туйах
эрэллээх-итэҕэллээх, эппиэттээх сорудахтары толорор сытыы-хотуу киһи (баай, тойон бэйэтин тумус туттар кулутун туһунан этэр тыла) Айан суолун арыйар, Аартыктары тэлэйэр, Үҥсэр сууттан ордук дуу Үҥэр муоска холобурдаах – Толук уол диэн
ааттаах Тойон бухатыыр киһим дуу Уостардаахай сааларын Уҥалыыоа тоҥолоҕор Туруорулуу дьэ туппут. С. Зверев