Перевод с якутского
үһү
частица, сыһыат
Нууччалыы говорят
English they say, it is said
Ис хоһооно · 4
1 #
эб
Таабырын төрдө там-татахай баар үһү. ПЭК СЯЯ. Бу дөлүһүөн туораҕа битэмиинэ бэрт буолар үһү.
Суорун ОмоллоонДьиэттэн сылдьар оҕолор тарҕаһыаххыт үһү, мөссүйүөн оҕолоро айдаарыаххыт суоҕа үһү. Амма Аччыгыйа Омуннаабакка эттэххэ, Оннук буолта үһү Эллэй
Өссө холобурдар (2)
Саҥарааччы атын киһи тылын, санаатын этэригэр, ону сөбүлүүрүн-сөбүлээбэтин, онтон кыыһырарын-кэлэйэрин биллэрии дэгэттэнэр (үгүстүк буолуохтаах киэпкэ сыстар). Θ При передаче чужой мысли, чужих слов, выражается оттенок отрицательного отношения (раздражение, обида, ирония, презрение и т. п.) говорящего (чаще употр. с глаголами долженствовательного наклонения). Мин, кырдьаҕас учуутал, үөрэтэр оҕолорбуттан көрдөһө-ааттаһа сылдьыахтаахпын үһү! Софр. Данилов. Өксүөн-ардах түстэҕинэ Үлүйүөхтээх үһүбүн! П. Тобуруокап Ыратын чыпчаала диэн ити үһү! ХС
2 #
Атын киһи тылыгар сигэнэн этиини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает ссылку на чужую речь (говорят, сказывают, передают, мол)
3 #
Этэр санааны араас эмоциональнай (үөрүү, кыыһырыы, сэмэлээһин, хомойуу уо. д. а.) дэгэттээх күүһүрдүүнү көрдөрөр (сэрэйэр киэби кытта тут-лар)
Нууччалыы Выражает усиление высказывания с различными эмоциональными оттенками (радость, гнев, осуждение, досада и т. п.)
а, үнэн-үнэн, дьэ, кэллэҕим үһү.
Суорун ОмоллоонТуой, оҕотун уоһуттан иҥиннэҕэ үһү! Амма Аччыгыйа Айа, сирэйбин быһа түһэн кээһэ сыстаҕым үһү С. Ефремов
4 #
Диалокка этиллэр санаа буоларын-буолбатын утары өйдөбүлүн бигэргэтиини көрдөрөр
Нууччалыы В диалоге выражает утверждение противоположного смысла высказывания
Ханнааҕы маскытын оттор үһүбүт.
Суорун ОмоллоонТракторист элээскэтэ эн да бу сирэйгинэн төһө өр үлэлиир үһүгүн. А. Федоров Туох буолбут киһи оҕотун хаалларар үһү. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Суох аата суох. Хайыыр үһүгүт ХС