ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өт

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы проникать; замачивать

English to penetrate, to soak

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Нууччалыы проникать; замачивать

English to penetrate, to soak

  • самыыр таҥаспын өттө
    дождь промочил мне одеждуthe rain soaked my clothes

2 туохтуур #

Нууччалыы делать заранее

English (by extension) to project (forward), to do something ahead of time

  • өтө бил
    предвидеть заранееto foresee, to foreknow
  • өтө көр
    предвидетьto foresee, to be prescient
I

3 туохтуур #

Быыс-хайаҕас булан туох эмэ курдат таҕыс, курдаттыы илит (убаҕаһы этэргэ)

Нууччалыы Проникать, просачиваться через что-л. насквозь, намочить насквозь (о чем-л. жидком)

  • Сытар таас анныгар уу өппөт (өс хоһ.). Ханан эмэ уу өттөҕүнэ, ол уу кэлбит хайаҕаһын түргэнник сиэмэнинэн бүөлүү кутан кэбиһиэхтэрэ.
    Суорун Омоллоон
  • Халыҥ таҥаһы өтөн, Оппоос этигэр тымныы уу тиийдэ
    В. Тарабукин

4 туохтуур #

Туох эмэ быыһынан киир, тулалыыр эйгэҕэ тарҕан, билин (сырдык, сыт о. д. а туһунан)

Нууччалыы Проникать, просачиваться сквозь щели (напр., лучи солнца, запах чего-л.)

  • Күн уотун күндээрин дуйдаммыт Күһүҥҥү айылҕа күлүмэ Эн эккин курдаттыы өтүөҕэ, Эн искэр, сүрэххэр сөҥүөҕэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ыһаарыланар эт тотоойу сыта бэл манна өтөн киирэр.
    Н. Габышев
  • Өстөөх Ийэ сиргэ улам-улам өтөн киирэн иһэрин туһунан араадьыйанан уонна бэчээтинэн иһиллэ турар
    У. Нуолур

5 этии #

Этиилэр

Сир өппөт көр сир I

  • Кыһыны быһа көлүллэн сылбаахы буолбут, ордугун наһаа көтөхтөрбүт оҕустар сир өппөт, кыайан таппат буолбуттара.
    Н. Босиков
  • Оҕонньор билигин кырдьан-буорайан, бөһүөлэк иһиттэн сир өппөт.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
  • [Даача тутааччы] Килэрийдэ-молоруйда, Үлэлиир-үлэлиир, Сир өппөт.
    С. Тимофеев
  • Др. -тюрк., тюрк. өт
II

6 туохтуур #

, эргэр., сөбүлээб. Элбэҕи, бөтүөххэ диэри сиэ (хол., сиикэй хааны, бөлүөҕү)

Нууччалыы Есть до отвалу, до икоты (сырую пищу, вроде сгустков крови и т. п.)

  • Ол курдук хааны хабан, бөлүөҕү бүрүнэн, өһөҕү өтөн бараҥҥыт, халтаҥ халлааҥҥа хара суор буолан, халыйан-иэҕиллэн эргийиҥ
    Эрилик Эристиин

«Ө» буукуба