Перевод с якутского
аа
ынырыы, тыл, аат тыл
Нууччалыы обозначение на письме долгого гласного а
English oh, ah
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Уһатыылаах а дорҕоон сурукка бэлиэтэниитэ
Нууччалыы Обозначение на письме долгого гласного а
2 #
ыан т. (үксүгэр муннунан этиллэр ээ дорҕ. маарынныырдыы иһиллэр)
Аа, аҕаккайбыт эрэйдээх Аны аныаха дылы, Киһи саатыах, Киһиргиирэ кэм даа бараммат?!!
П. Ойуунускай
3 #
Кыйаханыыны, кыһыйыыны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает чувство раздражения, досады (в произношении часто имеет носовой призвук)
4 #
Эмискэ өйдөөн кэлиини, билэн ылыыны көрдөрөр (үксүгэр соһуйуу, дьиибэргээһин дэгэттээх)
Нууччалыы Выражает внезапное узнавание, припоминание (часто с оттенком удивления, изумления)
Аа, бу дайды дьоно хатыҥ мас сыҥаһалаах буолуохтара диэбитим Хаан-Харахаан тойон уола сыҥаһалаахтар эбит дуу! Саха ост. I. Аа, Сева эбиккин дуу? Киир, киир! Сыгынньахтан. Софр. Данилов. "Аа, табаарыс Кочубеев кэллиҥ дуу, үчүгэй. Баһаалыста, аас. Олорон кэбис", - диир байыаннай П. Аввакумов
5 #
саҥа алл
Суола биллибэт соҕуруу уолаттара суодаҥнаһар дьулааннара туһаайда... Аа-аа арай аҕай нии! А. Софронов
6 #
Соһуйа куттаныыны, уолуйууну көрдөрөр (үксүгэр атын саҥа алл. кытта холбуу)
Нууччалыы Выражает чувство изумления, растерянности и ужаса (часто в сочет. с др. межд.)
7 #
Ойуун кутуруутун саҕаланыыта (субуруччу уһуннук тардан эбэтэр кылгастык быһыта баттаан, эҥсэн этэр)
Нууччалыы Протяжные или прерывистые звукоиспускания при начале шаманского камлания
Аа-аа-аа... Күүс күлэр дьааһыйыытын дьааһыйдым - Аа-аа-аа... Аллараа амнахтаах хара аартыктаах Тайахтаах Дьаабыҥхай хотун, Аан дьааһыйыытын дьааһыйдым.
П. ОйуунускайАа, алгыстаах силиктээх, Аа, аар хатыҥ тутуурдаах Аа, улуу чэчир сэргэҕит ханна баарый? Аа, Хаахай ойуон! С. Зверев