ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аалыы

аат, даҕааһын

Нууччалыы металлические опилки

1 аат #

Тимири ааллахха тахсар кыырпахтар, тимир көөбүлэ

Нууччалыы Металлические опилки

  • 1. аал диэнтэн хай. аата. Сүгэм аалыыта мөлтөх. Сүрэх-быар аалыыта буол.
  • Хотуурдара хоппото - Хоргуйаннар буолбатах: оҥоһуута, аалыыта Олох суоҕа буоратта.
    Т. Сметанин
  • Күн-дьыл көстүбэт аалыыта эргэрдэн эрэр хаартыската баар.
    И. Брызгалов
Өссө холобурдар (7)
  • Күнү болдьоспут Петров учуутал эмиэ умнубут [көрсүһүүнү]. Арай Костя сүрэх аалыыта оҥосторо.
    Н. Габышев
  • Эргэ эрэ эргийбэтин, Эстэн бүтэн симэлийдин, Ааспыт күммүт ааҥнаабатын, Аалыы буола сылдьыбатын. Н. Босиков
  • Киэһэ үлэ кэнниттэн оҕунуох, тимир аалыыта иҥмит модороон чэрдээх илиилэр ыалдьыттаан ааһаллар. Софр. Данилов. Күҥҥэ кыһарыйа көрдөххө, көмүрүө хаар, көмүс аалыытын курдук, кылапачыйа-кылапачыйа, көтөрө да, бэйэтэ устара да биллибэккэ, мээнэ долгун курдук устан эрэр эбит.
    А. Софронов
  • Аламай уу хараҕыттан, Алтан тиэрбэс аалыытын курдук, Таммах уулар Таҥнары түһэллэр.
    С. Зверев
  • Аалыы көмүс хоруона Ала нуоҕай куорсуна Арбай-сарбай хамсанна. Эллэй. Дьөһөгөй тойон анаан айбыт ат сылгыта алта күннүк сиртэн күлүмүрдээн көстөр аалыы көмүс сиэлэ арыллан айаннаан хабылыннаран иһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Киирэн эрэр күн хагдарыйбыт хатыҥ алтан аалыы сэбирдэҕэр иҥмит, мутукча көмүс көмнөҕөр көспүт.
    С. Федотов
  • Сытыы кылыс хотуурум, Сыппаабакка сырылат! Аалыы тимир атаһым, Ахсаабакка аралыт!
    И. Чаҕылҕан

2 даҕааһын #

суолт. Тимир кыырпахтарын курдук килбэҥнэс, чаҕылыҥнас сырдык (өҥ)

Нууччалыы Блестящий, сверкающий металлическим блеском

«А» буукуба