ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аанньанан

сыһыат

Нууччалыы по-хорошему, добром; добровольно.

1 #

Үчүгэйинэн; киһилии быһыынан; көҥүл өттүнэн

Нууччалыы По-хорошему, добром; добровольно. (употр. с отриц. ф. гл., в отриц. оборотах)

  • Аҕалара аанньанан байбатаҕа, Албынынан аатырбыта.
    А. Софронов
  • Аанньанан арахсыбатым буолуо, сүгүнүнэн сүктүбэтим буолуо.
    И. Гоголев
  • Бөрө кэлбит, бу аанньанан сүктүбэт адьырҕа.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Аанньанан ааһыа дуо Сэрии да ыар муҥа, Ахса суох сүтүкпүт Умнуллуо дуо ама?!
    М. Хара

2 этии #

Нууччалыы Иметь дурные последствия

  • Аанньанан ааспат - си-дьүгээр ааспат, алдьархайа суох ааспат, туох эрэ куһаҕан содуллаах буолар Адьырҕа кыыл утуйа сытар соҕотох кыракый кыысчааҥҥа аанньанан ааспат алдьархай буолан ааҥнаата.
    Далан
  • Аанньанан аттаммат - сүгүнүнэн арахсыбат, алдьархайы оҥорон тэйэр. Θ Быть неотвязчивым, со злым намерением (из фольк.). Сүгүнүнэн сүктүбэт Сүөл дойду оҕото, аанньанан аттаммат Атын алаас оҕото кэлбит.
    П. Ойуунускай
  • Бары да дьон атамааннара сылдьаллар, туохтан да иҥнэн-толлон туруо суох көрүҥнээх дьон. Бука аанньанан аттамматтара буолуо.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Аанньанан аттан - сүгүнүнэн араҕыс (былыргы алгыс тылыттан). Θ Покинуть, не причинив ничего плохого (из старинного заклинания). Тойон эһэм, хара тыа маанылаах кыыла, сүгүнүнэн сүгүн, аанньанан аттан! Күннүк Уурастыырап

«А» буукуба