ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ааҥнаа

туохтуур

Нууччалыы двигаться неудержимой лавиной, толпой (напр., о стаде животных, массе людей); двигаться несокрушимой силой

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Дохсуннук, балысханнык саба халыйар курдук, кыамтата суох кэл-бар (хол., киһи-сүөһү халҕаһата); модуннук дьулуруйан айаннаа (хол., күүстээх техника эҥин туһунан)

Нууччалыы Двигаться неудержимой лавиной, толпой (напр., о стаде животных, массе людей); двигаться несокрушимой силой (напр., о мощной технике)

  • Кинилэр кэннилэриттэн сотору улахан дьон уонна көлөлөөхтөр тоҕо ааҥнаан кэллилэр.
    М. Доҕордуурап
  • [Хаҥыллай:] Аҕаа, халыҥ элбэх кыргыс сэриитэ Тоҕо ааҥнаан иһэр!
    И. Гоголев
  • Ардыгар, мэйилэ кыыла тыһыынчанан ааҥнаан кэллэҕинэ, табаҕын да халты харбатан, дьукку сотон илдьэ барааччы.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (3)
  • Айманар муора урсунун Аймаммакка тоҕо ааҥныыр Борохуот хоту чолбону Суолдьут оҥостон айанныыр
    С. Данилов
  • Муһун, тоҕуоруй, аалыс (элбэх киһи-сүөһү, техника эҥин биир сиргэ бөлүөхсүбүтүн этэргэ). Θ Собираться, скучиваться, толпиться в большом количестве (напр., о людях, технике, скоте). Тэлгэһэҕэ массыына бөҕө ааҥнаабыт.
  • Араас омук тоҕуоруйбут, киһи-сүөһү ааҥнаабыт сирэ үһү
    И. Никифоров

2 туохтуур #

Мүччүрүйбэт курдук адаҕый, ыган тиийэн кэл (араас өлүү, алдьархай, быһылаан буоларын этэргэ)

Нууччалыы Неминуемо обступать, наступать, нагрянуть (о беде, несчастии, бедствии)

  • Өлүү бөҕө үтүрүөтэ, алдьархай бөҕө ааҥнаата, кыайтарар-хотторор күнүм кэллэ! Ньургун Боотур. [Варвара:] Этэллэрин курдук, сэрии үөскээбит буоллаҕына, оттон алдьархай ааҥнаатаҕа дии.
    С. Ефремов
  • Туох-ханнык буолабыт - Өлөр өлүү ааҥнаата быһыылаах.
    Д. Очинскай
  • Арахсар тиһэх түүннэрэ адаҕыйан, ааҥнаан тиийэн кэлбитэ
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Саба халыйан кэл; бүрүүкээ, сабардаа (үксүгэр айылҕа көстүүлэрин этэргэ). Θ Грянуть, наступать, ударить, лютовать (обычно о стихийных природных явлениях). Хотун Амма хото ааҥнаан, Хочо алаас уунан аллан, Хаһан эмэ дэҥҥэ биллэр Халыан элбэх хаас-кус киирэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ахсынньы анысхан тымныыта Ааҥнаан, аҥааттан турдар да, Ыҥыыр атынан маныыллар сылгыны.
    М. Ефимов
  • Кинилэртэн [айан көтөрдөрүттэн] үгүстэрэ сыллата ахсын уот кураан эбэтэр ыаҕастаах уунан кутар ардах ааҥныыр оройуоннарыттан тэскилииллэр.
    ББЕ З

3 туохтуур #

Эмискэ тиийэн кэл, баар буол (үксүн күүтүллүбэтэх киһини сөбүлээб. этэргэ)

Нууччалыы Вдруг нагрянуть незваным гостем (о неожиданном приходе нежелательного человека)

  • Бу хантан ааҥнаан иһэр киһигиний? - Киргиэлэй көхөлөөхтүк кэпсэтиэх курдук тылласта.
    И. Никифоров
  • Федора Валерьевна, маннык соһуччу ааҥнаабытым иһин бырастыы гын, ол эрээри биир суолу этэр баҕа ааспакка-арахпакка үүйэн-хаайан бу эн дьиэҥ модьоҕотун атыллаатым.
    Е. Неймохов
  • [Тэрэнтэй:] Истии-билии элбэх, куоратынан-тыанан куттал улааппыт. Манчаары ааҥнаата, Омуоча тунуйда дииллэр
    В. Протодьяконов

4 туохтуур #

Көнтөрүктүк, мөдөөттүк күөлэһийэн сырыт, сыылар курдук буол (олус суон, мөдөөт киһи туһунан)

Нууччалыы Двигаться, неуклюже переваливаясь, как бы ползать, тащиться

  • Ар-дьаалы ыраахтааҕы Антах, ыраах-ыраах, Алаас-сыһыы саҕатыгар Ахталыйа ааҥнаабыт
    Эллэй
  • Олоххун булунан, өтөрүнэн турбат курдук олор, быһа олорон таҕыс. Θ Надолго засесть, сиднем сидеть. Дьыбаан орону дьылҕалаан, Быһаҕаһын былдьыыр, Онно олорон баран турбат, Ааҥнаан баран арахпат
    Өксөкүлээх Өлөксөй

5 туохтуур #

Төкүнүй, үҥкүрүй, тиэй (хол., сылгыны этэргэ)

Нууччалыы Кататься, валяться, переваливаясь с боку на бок (обычно о лошади)

  • Ытык атыыр ааҥнаабыт суола сүппэт үһү (тааб.: өтөх). Хара биэ ааҥнаабыта харааран хаалар үһү (тааб.: дьиэ онно)
    ПЭК СЯЯ

«А» буукуба