Перевод с якутского
куккураа
туохтуур
Нууччалыы сыпаться сверху или сползать, соскальзывать сверху сплошным потоком, лавиной (о чем-л
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт
Түөрт этиҥ түспүтүн курдук, тыас тыаһа дэлбэритэ барда, ийэ буор сирэ доргуйан титирии түстэ. Санаатыгар балаҕанын даҥа сирэйигэр куккуруу тоҕунна.
П. ОйуунускайМикиитэ тыына хаайтарарга дылы гынна, балаҕаныттан таҥнары куккураан түстэ. Амма Аччыгыйа Балаҕан үрдүн буора тохтон куккураата, хаппыт буор киһи таныытын кычыгылатар гына өрө бурҕайда ӨӨККҮ
2 туохтуур #
Үөһэттэн ыһыллан түс, тоҕун (туох эмэ бытархай, кытаанах, хол., буор туһунан), эбэтэр үөһэттэн сылдьырыйан түс; буору кытта түс
Нууччалыы Сыпаться сверху или сползать, соскальзывать сверху сплошным потоком, лавиной (о чем-л. мелком, твердом); скатиться вместе с лавиной
3 туохтуур #
Үөһэттэн саккыраан түс; мэһэйдээх, чычаас сиргэ сүүрэн чаккыраа, чырылаа
Нууччалыы Стекать, струиться сверху или течь по каменистому дну, вдоль каменных берегов, издавая характерное журчанье. Үрүччэ таас эмпэрэттэн таҥнары куккуруур уонна тыһыынчанан таммах буолан ыһыллар
Кумахтаах чаарга, чычааска Куккуруур сүүрүк эттэ: - "Утаппытыҥ буолуо куйааска, Бу баар тымныы уу, кэл бэттэх!" Баал Хабырыыс Өрүс таастаах биэрэктэрин сайар сүүрүк сыыгыныы куккуруур курдук тыас, икки кулгаахпар үйэ тухары иҥэн, дьиэтийэн хаалбыта Н. Абыйчанин