ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоҕун

туохтуур

Нууччалыы литься, сыпаться, падать

1 туохтуур #

Үөһэттэн эбэтэр туох эмэ үрдүттэн аллара диэки түс, кутулун (убаҕаһы, бытархайы этэргэ)

Нууччалыы Литься, сыпаться, падать

  • Буор сыбах тохтон кыратык суккуруу тыаһаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Таһаҕас бөҕөтө Таҥкыныы тоҕунна.
    С. Данилов
  • Дьиэлэр кырыыһаларыттан таммахтар тохтоллор
    И. Федосеев

2 туохтуур #

Туох эмэ биричиинэттэн, сылтахтан ханнык эмэ тэрээһин, үлэ былаана тохтоон хаал, сырыыптан

Нууччалыы Срываться, прекращаться, нарушаться (о плане какой-л. работы, действия и т. д.)

  • Былырыын биир ый былаана тохтубут.
    Н. Лугинов
  • Биһиги испэктээкпит тохтор кутталга киирбитэ.
    ХС
  • Серпилин төннөн кэлиитигэр дьоммут өссө биир атаакалара тохтубут. К. Симонов (тылб.)

3 этии #

Нууччалыы Человек смертный (букв. имеющий кровь, которая проливается, имеющий дыхание, которое прерывается)

Этиилэр

Айаҕыттан кыһыл көмүс тохтуо буоллаҕай көр айах I

Буор тохтор көр буор

  • Умнаһыттан буор тохтор (өс хоһ.).

Икки ардыларынан уу тохтубат көр икки I

  • Охоноос Маппыайап уонна Луха Бэһиэлэйэп икки ардыларынан уу тохтубат доҕордуулар.
    Амма Аччыгыйа

Көлөһүнэ тоҕунна көр көлөһүн

  • Үгүс көлөһүммүтүн тохпуппут.
    ХС
  • Тохтор хааннаах, быстар тыыннаах фольк. – киһи Кинээс да быстар тыыннаах, тохтор хааннаах буолуо.
    Амма Аччыгыйа

Үүтүн тохпут оҕо курдук көр оҕо

  • Сөдүөт, аньыылаах-харалаах киһи, ити күнтэн ыла үүтүн тохпут оҕо курдук сырытта. Н. Кондаков

«Т» буукуба